Лилия Никитина диэммин, Чурапчы улууһун  Мырыла  нэһилиэгиттэн   төрүттээхпин.   Иитээччи, социальнай педагог идэлээхпин.

Ийэм оҕо эрдэхпинэ ону-маны оҥорорго үөрэтэр ахан этэ. Араас куоҥкурустарга “папье-маше”  ньыманан ойуулары оҥорон бириистээх миэстэлэри ыларым. Оттон хос эбээм иистэнэргэ үөрэппитэ. Инньэ гынан, кыра эрдэхпиттэн айар-тутар дьоҕурдаахпын диэхпин сөп.  Бу, билигин дьарыктанар «декупаж» ньыманан оҥорууга тута тиийбэтэҕим. Бастаан мастан саҕалаабытым.  Интэриниэт ситимигэр маска лобзигынан араас оһуордары быһан оҥороллорун  көрөммүн, үөрэнэргэ быһаарыммытым.   Билигин ойуу түһэрэр дуоскаларбын барытын бэйэм быһабын. Уопсайынан, ким да үлэтигэр майгыннаабат, ураты, нууччалыы эттэххэ «креативнай» оҥоһуктары айыахпын баҕарабын. Ол курдук, Саҥа дьыл иннинэ маһынан кыра  харыйалары  оҥорон атыылаабытым. Биир да инструменым суох буолан, дьонтон лобзик, шлифовальнай массыына уларсан   үлэбин саҕалаабытым. Харыйаларбын кырааскалаан, араас стразалары сыһыаран киэргэтэн баран, социальнай ситимҥэ таһаарбытым. Үгүс дьон интэриэһиргээн үлэх бөҕөтө киирбитэ, бэйэм да соһуйбутум. Онтон көх ыламмын араас табалары, дьиэлэри быһан оҥорбутум.

 

Ол кэнниттэн саҥа идиэйэ көрдөөммүн   “декупажка” тиийбитим. Бастаан бэйэм хаартыскабын маска түһэрэн көрбүтүм, наһаа үчүгэйдик табыллыбыта. Онтон ыла эти-аһы кырбыыр дуоскалары маннык  киэргэтиэххэ сөп эбит диэммин, бу идиэйэбин олоххо киллэрэн барбытым.   Бу ньыма араас тиэхиньикэтин боруобалаатым. Ол курдук, дуоскаларбын быһан, шлифуйдаан,  уокка сиэтэн, арыынан брошируйдаан, кырааскалаан бараммын  биирдэ ойууну түһэрэбин. Биир маннык дуоска  кууран-хатан 3-4 күнүнэн бэлэм буолар. Быһарбар бэс мас щиттарын  ордоробун, сырдык, чэпчэки диэммин сөбүлүүбүн.  Эбэтэр хатыҥ, тиит мас фанераларын туттабын. Кырбыыр дуоскалары вазелиновай арыынан, тигээйи буоскатынан сотобун. Балар киһиэхэ буортута суохтар.

 

Дьарыгым миэхэ, бастатан туран, дуоһуйууну биэрэр. Дьиэ-уот күннээҕи түбүгүттэн сынньатар уонна  илиибинэн кэрэни айан, оҥорон таһаарарбыттан астынабын. Сороҕор иэйиим киирэн биэрбэккэ сордооччу. Ол   эт-сиин,  санаа-оноо  туругуттан быһаччы  тутулуктаах быһыылаах. Ол эрэн, тугу эрэ эрбиэхпин, тутуохпун-хабыахпын, киэргэтиэхпин баҕарар кэмим син биир кэлэр. Эбэтэр туох эрэ интэриэһинэй идиэйэ киирдэҕинэ миигин ким да, туох да тохтоппот.

Маастар-кылаастары ыытарбын олус сөбүлүүбүн. Дьону кытта тугу билэрбин, сатыырбын үллэстэрбин сирбэппин. Хас биирдии оҥоһугум миэхэ оҕом кэриэтэ күндүлэр. Ким эрэ тута сылдьарын көрдөхпүнэ олус үөрэбин. Өссө айыах-тутуох санаам киирэр. Ону таһынан, устуудьуйа арынар ыра санааламмытым ыраатта. Манна бэйэм эрэ буолбакка, атын да талааннаах дьон араас маастар-кылаастары, көрсүһүүлэри ыытыахтара этэ дии саныыбын.

Дуосканы оҥорууга маастар-кылаас

Бастаан дуоскабыт ойууланар ньуурун сырдык өҥүнэн кырааскалаан бэлэмниибит.

Куурбутун кэнниттэн эрдэ бэлэмнээбит  уруһуйбут  уонна дуоскабыт сирэйдэрин лаахтыыбыт.

Онтон уруһуйбутун умса тутан сыһыаран баран үрдүгэр файл уурабыт уонна шпателинэн үчүгэйдик сотон салгынын таһаарабыт. Маннык  биир суукка туран кууруохтаах.

Куурдан баран  уунан инчэтэбит.

Үчүгэйдик инчэйбитин кэнниттэн  кытыытыттан саҕалаан тарбахпытынан кумааҕыны аалан  ылабыт.

Бу курдук уруһуйбут тахсан кэлиэхтээх. Ол кэнниттэн үс хос лаахтыыбыт.

Бу курдук судургу ньыманан араас быһыылаах дуоскаларга эҥин ойуулары түһэрэн киэргэтиэххитин сөп.

 Венера Охлопкова