Рубрика: Алаһа
Дьиэ ис бараанын дизайныгар эмиэ таҥаска-сапка курдук муода, истиил диэн баар. Ол, биллэн турар, кэмиттэн-кэмигэр эргэрэн, уларыйан иһэр. Оттон саҥа сылга туох “в тренде” буолар эбитий? Ол туһунан 18 сыл үөрүйэхтээх дизайнер Лена Сон сэттэ сүрүн быраабылатын уонна сүбэтин үллэстэр.
– Дьаҥсык кэнниттэн дьон олоҕун укулаата биллэрдик уларыйан, айылҕаҕа талаһара күүһүрдэ диэххэ сөп. Урут офиска олорон үлэлиир эбит буоллахпытына, билигин дьиэҕэ да олорон “онлайн” үлэлиэххэ, кэпсэтиэххэ-ипсэтиэххэ, харчы “өлөрүөххэ” сөп эбит диэн дьон өйдөөн эрэр. Ол курдук, дьиэ ис бараанын дизайна айылҕаны кытта ыкса ситимнээх буолуоҕа. Бу өҥү-дьүһүнү дьүөрэлээһиҥҥэ, матырыйааллары талыыга ордук көстөр.
1 Дьиэ дизайнын оҥоруох иннинэ бастаан былааннааһыҥҥа (планировка) улахан болҕомтону ууруохха наада. Сорох кыбартыыралар наһаа кыра иэннээх, хос үөһэ хостоох, салгына суох баҕайы буолааччылар. Ону саҥалыы былааннаан хаһаайыттарга табыгастаах гына оҥорор ордук. Ону таһынан, миэбэллэр турар бэрээдэктэрин сөпкө оҥордоххо, эркиннэри барытын биир өҥүнэн кырааскалаатахха дизайна да суох олус үчүгэй буолар.
2 Дьон хас биирдии кв миэтэрэни табыгастаахтык туһана сатыаҕа. Ол иһин, “многофункциональное пространство” диэн сайдыаҕа. Ол аата кып-кыра хостору быспакка биир тэҥ оҥорон, многофункциональнай миэбэлинэн куухуна, саала, сынньанар сир диэн араарар буолуохтара. Холобур, дьиэҕэ киирдэххэ куухуна ыскааптара, оронноро ханна турара биллибэт буолааччы. Ол курдук, аһаҕас, салгыннаах дьиэҕэ талаһар буолуохтара.
3 Аныгы үйэ сиэринэн “виртуальный интерьер” диэн муодаҕа киириэҕэ. Ол аата дьиэ эркинигэр араас «3d» уруһуйдары холбоон, айылҕаҕа, байҕалга сылдьар курдук сананыахпыт. Оннооҕор дьиэбит иһэ кэҥээбиккэ дылы буолуоҕа. Тэлэбиисэр курдук түннүктэр эмиэ бааллар. Өскөтүн түннүккүнэн соччото суох хартыына көстөр буоллаҕына, пультунан атын уруһуйга уларытан кэбиһиэххин сөп. Бу курдук “умный дом” систиэмэ өссө да сайдан иһиэҕэ.
4 Истиил туһунан этэр буоллахха, ордук “Эко”, “Ретро” истииллэр тарҕаныахтара. Дьиҥнээх айылҕа матырыйаалларын, элбэх үүнээйини туһанар буолуохтара. Былыргы ыскаабы саҥардан аныгы интерьарга туруордахха эмиэ ураты көстүүнү биэриэҕэ. Дьиҥэр, араас истиили буккуйуохха сөп. Ол эрэн, аныгы кылаассыка хаһан да муодаттан тахсыа суоҕа дии саныыбын.
5 Айылҕаҕа туох да ордук хос суоҕун курдук дьиэ иһэ эмиэ, нууччалыы эттэххэ, гармоничнай, уютнай буолуохтаах. Ордук дьиҥнээх, чочуллубатах айылҕа матырыйааллара: таас, мас, ротанг муодаҕа киириэхтэрэ. Урут ротанг миэбэли таһырдьа эрэ туруорар буоллахпытына, аны дьиэ иһигэр бэйэлэрин миэстэлэрин булуохтара. Лүөн, бээс, холуопак, рогожка курдук дьиҥнээх таҥастар элбэхтик туттуллуохтара. Ону таһынан, дьиэ биир эркинин эбэтэр үрдүн бэйэтинэн хаалларар муода буолуоҕа. Оттон декор туһунан этэр буоллахха, илии үлэтэ хаһан баҕар ордук сыаналанар.
6 Кыра иэннээх дьиэ кэҥэс курдук көстөрүн туһугар муостатын диагоналынан тэлгэтэрбин сөбүлүүбүн. Тугу да чорбоппокко плинтустары баҕастары барытын биир өҥүнэн кырааскалыыбын, оччоҕо эркинэ уһаан көстөр. Дьиэ үрдэ эмиэ истиэнэ курдук өҥнөөх буолуон сөп. Маҥан үрүт, муоста курдук өҥнөөх плинтустар дьиэни өссө намыһатан биэрэллэр. Сиэркилэ, араас уот-күөс, фреска көмөтүнэн эмиэ кэҥэтиэххэ сөп. Маннык дьиэҕэ сүрүн миэбэл истиэнэ өҥүн курдук буолара ордук. Оччоҕо эркиҥҥэ симэлийэн киһи хараҕар быраҕыллыбат буолар.
7 “Ханнык өҥү талабыт?” диэн мунаахсыйар буоллаххытына, кэлэр сылга “тренд” буолар таҥас-сап өҥүн көрүҥ. Тоҕо диэтэххэ, дизайнердар онно баһылыыр өҥнөрү туһаналлар. Ордук айылҕа өҥнөрө муода буолуохтара дии саныыбын. Экспертэр быһаарбыттарынан биэс өҥ: “космическая пыль” орто дьүһүннээх кыһыл; “галактический кобальт” чаҕылхай халлаан өҥө; “листья шалфея” кубархай от күөҕэ; “давленый абрикос” орто дьүһүннээх оранжевай өҥ уонна “цифровая лаванда” диэн нарын дьүһүннээх фиолетовай өҥ “тренд” буолуохтара.
Хаартыскаларга дизайнер Лена Сон дьиэтэ.
Венера Охлопкова