Рубрика: Ийэ муннуга

26/02/2024 г.

М. Н. Андросова — Ионова саха тылын имитэн-хомутан суруйарын киһи эрэ кэрэхсии ааҕар. Ол курдук, бүгүн «Хат дьахтар харыһыга» диэн өбүгэлэрбит ыарахан дьахтары харыстыыр үгэстэрин суруйбутуттан билсиэҕиҥ.

1️⃣Киһи өлбүт дьиэтигэр хат дьахтар кириргээн, оҕо түһүө диэн киирбэт.

2️⃣Өлбүт киһи хоолдьугатын, кириргээн, оҕо түһүө диэн сиэбэт.

3️⃣Өлбүт киһини тиэйэн барбыт суолу быһа хаампат. Оҕо куотуон сөп.

4️⃣Сыарҕа өтүүтүн быһа хаампыт быһа атыллаабыт, эбэтэр тэбиспит буоллаҕына, төрүүрүгэр оҕото киинин быатыгар моонньуттан сөрөнөн кэлэр. Ол иһин сытар быаны хомуйан баран барар.

5️⃣Имиллэ илик эһэ тириитин үрдүгэр олорбот, сыппат. Итинтэн харыстамматаҕына эһэ курдук куһаҕан кииннээх оҕо төрүөхтээх.

6️⃣Толунньаны сиэбэт, сиэтэҕинэ оннук куһаҕан дьүһүннээх оҕо төрүөхтээх.

7️⃣Кус, куобах сүрэҕин сиэбэт, ону сиэтэҕинэ оннук куттас сүрэхтээх оҕо төрүөхтээх.

8️⃣Булт баһын сиэбэт, сиэтэҕинэ булчут булда ханныахтаах, ол булчут байанайа бытаҕырҕаан булдун кини сэбигэр чугаһаппат. Салгыы ааҕаарыҥ.