Бүгүн Дьокуускайга искэн ыарыытын эмтиир киин үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааста. Түөрт блоктан турар саҥа киин 26 тыһ кв м иэннээх. Икки блокка 180  куойка миэстэлээх алта стационарнай салаа уонна 16 куойка миэстэлээх химиотерапия күннээҕи стационара үлэлиэхтэрэ. Оттон поликлиниката симиэнэҕэ 210 киһи сылдьарыгар оҥоһуллубут. Ону таһынан, сылга 4 тыһ эпэрээсийэ оҥоһуллара былааннанар. Киин үлэһиттэрэ 1880 мэдэссиинэ тиэхиньикэтин туһанан үлэлиэхтэрэ. Кинилэр кэккэлэригэр пульмонолог, эндокринолог, онкопсихолог о.д.а. сэдэх идэлээх саҥа үлэһиттэр эбиллибиттэр.

ulus.media хаартыската