Рубрика: Санаа сэргэтэ

24/04/2023 г.

Оҕо сылдьан  “киһи олоҕо түннүгүнэн чыычаах  көтөн ааһарын курдук…” дииллэрин отой өйдөөбөт этим, “ама, хайаан, оннук буолуой” дии саныырым. Оччолорго сыл-хонук, күн-дьыл ааһара бытаан да этэ. Оттон билигин орулуур отуппун лаппа ааһан олорон,  уонча сылтан бэттэх  кэмим, кырдьык, чыычаах көтөрүн курдук элэстэн ааста.  Бэҕэһээ эрэ курдук этэ дии, оскуоланы бүтэрэн ситии-хотуу ачыстаатын ылан үөрэн-көтөн турбутум. Ити  курдук,  үгүс эдэр дьон өссө да бириэмэ баар дии санаан,  күннэрин-дьылларын  халтайга көтүтэллэр. Сорохтор  сааһыран баран   “эдэр эрдэхпинэ  миэхэ ким эмэ сүбэ-ама буолан, ыйан-кэрдэн биэрбитэ  буоллар”   дииллэр. Онон ааҕааччыларбытыгар анаан дьоҕус ыйытык оҥордубут. Манна 30,40,50,60 уонна 70 саастарын ааспыт биэс кэрэ аҥаар кытынна. Кинилэр олорбут олохторуттан дьоһун сүбэлэрин үллэстэллэр.  

 Чаҕылхай кэм

    Алена Викторовна Яковлева – урбаанньыт, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгин олохтооҕо.

– 30-35 сааска тиийэн баран эргиллэн көрдөххүнэ, бүтэһик 10-15 сыл олус түргэнник ааспытын өйдүүр эбиккин. Сороҕор  “ааспыт кэмҥэ төннөр кыах баара буоллар, тугу эрэ уларытыам этэ” дии саныыгын. Ол гынан баран,  ити хайдах да кыаллыбат. Инньэ гынан,  биирдэ бэриллибит олоҕу сөптөөхтүк олоруохха наада диэн  өйдүүбүт. 20-лээх сааскыт  саамай чаҕылхай кэмҥит буолар. Үөрэниҥ, сайдыҥ, интириэһинэй дьону кытта алтыһыҥ. Үөрэххитин кытта сөбүлүүр дьарыккытын дьүөрэлээн үлэлээҥ-хамнаааҥ. Ону таһынан, элбэхтэ сири-дойдуну көрүҥ, айаннааҥ. Омук дойдуларын, куораттарын,  атын дьон олоҕун-дьаһаҕын көрөн, киһи киэҥник толкуйдуур буолар, өйө-санаата уларыйар, үрдүккэ, кэрэҕэ дьулуһуута күүһүрэр.  Аныгы үйэҕэ кыах  элбэх. Киһи кинигэ ааҕан, ситиһиилээх дьон үөрүйэҕэр үөрэнэр, бэйэтин талаанын арыйар, Интэриниэт  ситимин нөҥүө баҕалаах үөрэҕин баһылыыр кыахтаах. «Син биир табыллыбат»  эҥин диэн санааны кыайа сатааҥ. Оҥоруоххутун, ситиһиэххитин баҕарбыккытын куттаммакка саҕалааҥ көрүҥ. Саамай куһаҕан кэмсинии дии саныыбын.  Хас эмэ сылынан «тоҕо оҥорботоҕум буоллар» диэн санааҕа ылларбат курдук  боруобалааҥ,   сатамматаҕына үөрүйэх  оҥостуоххут буоллаҕа   дии.  Ону таһынан, сөптөөхтүк аһаан, тас көрүҥҥүтүн көрүнүҥ. Оччоҕо 30-40 сааскытыгар эккит-хааҥҥыт эһиэхэ махтаныа. Устудьуоннаабыт  сылларгытын, эдэр сааскытын  кэмсиммэккэ  астына ахтар курдук олоххутун оҥостуҥ.

Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылааҥ

Вера Николаевна Прокопьева – Итэҕэл, Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгин «Дайан» СК уус-уран салайааччыта.

– Хас биирдии кыыс оҕо бу олоххо ийэ буолар үрдүк аналын толороору кэлэр дии саныыбын. Тус бэйэм ийэ буолар үрдүк дьолун билбиппэр Айыыларбар махтанабын. Сыл-хонук аастаҕын ахсын киһи олоҕу көрүүтэ, киниэхэ тардыһыыта күүһүрэн иһэр эбит. Ол курдук, олоҕум кэрдиис кэминэн арааран, сыал-сорук туруорунан  40 сааспар диэри  тугу ситиһэн кэлбиппин сэһэргиим. Иистэнньэҥ буолуохпун баҕараммын биир сыллаах иис идэтин үөрэнэн  бүтэрбитим. Онтон 20 сааспар ийэ буолар дьолун билбитим, кыыс оҕоломмутум. Оччолорго култуура дьиэтигэр остуорастыыр этим,  оҕобун ийэм барахсан көрсөн улахан күүс-көмө буолбута. Араас күрэхтэр, кэнсиэрдэр бөҕө ыытыллаллара, онно артыыстарга, нэһилиэгим дьонугар, оҕолорго таҥас тигэрим. Ордук ыһыах кэмигэр элбэх үлэх киирээччи.  Кэрэ аҥаардарга  халадаай бөҕөтүн  тикпитим.
Кэлин оҕом оскуолаҕа киирбитин кэннэ, Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ технология учууталын идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэ киирбитим. Онно  үөрэнэ сылдьан  кулуупка киэргэтээччи-худуоһунньук диэн үлэҕэ киирэммин, үлэм-хамнаһым  күөстүү оргуйан барбыта. Норуодунай тыйаатырга таҥас-сап арааһын тигэрбит, араас атрибуттары оҥорорбут. Ол сылдьан элбэххэ үөрэммитим,  үөрэппитим даҕаны.  Кулууп үлэһиттэрэ бары  биир тыынынан олус таһаарыылаахтык үлэлээбиппит.
Кыыһым оскуолатын бүтэрэн үөрэххэ киирбитин кэннэ, уус-уран салайааччы дуоһунаһыгар ылбыттара. Ол иһин, хайаан да үөрэниэхтээхпин диэммин, кыыспын кытта тэҥҥэ кэриэтэ култуура салаатыгар үөрэнэ барбытым. Инньэ гынан, 2019 сыллаахха Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун бүтэрбитим. Билигин тапталлаах кулууппар уус-уран салайааччынан  үлэлии-хамныы  сылдьабын.
Киһи бэйэтин олоҕун араас өҥүнэн киэргэтиэн сөбүн  эппинэн-хааммынан билбит буоламмын, бэйэм көлүөнэ саастыы кэрэ аҥаардарга этиэм этэ, олорон хаалбакка олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иһиҥ диэммин. Киһи элбэх араас дьарыктаах, солото суох буоллаҕына олоххо элбэҕи ситиһэр дии саныыбын. Холобур,  мин «АйАрт» өрөспүүбүлүкэтээҕи, «Лена долгуннара» улуустааҕы, » Кырдал» нэһилиэгим литературнай түмсүүлэригэр дьарыктанабын, бэйэм кылааппын киллэрсэбин. Маны таһынан нэһилиэкпэр түөлбэ салайааччытынан, «Сайылык кустуга» иис түмсүүтүн салайааччытынан, «Дэриэбинэчээн» норуот тыйаатырын артыыһынан, олохтоох уопсастыбаннай кэрэспэндьиэнинэн  үлэлиибин. Киһи сөбүлүүр дьарыгын олоҕун аргыһа оҥоһуннаҕына дьоллоох, элбэх доҕоттордоох, сүбэһиттэрдээх, олоххо бигэ тирэхтээх буолар. Күндү кэрэни кэрэһэлиир, сырдыгынан сыдьаайар, дьолу түстүүр Далбардарым, эһиги сылаас ньээкэ уйаҕытын, дьиэ кэргэҥҥитин сырдык Айыы  сыдьаайа арчылыы, араҥаччылыы сырыттын!

Оҕолоргутун бэйэҕит холобургутунан иитиҥ

Татьяна Викторовна Келина – Томпо улууһун Байаҕантай нэһилиэгин Ударник бөһүөлэгин олохтооҕо, Үөгэн орто оскуолатын  үлэһитэ.

– Хас биирдии киһи  инники олоҕун төбөтүгэр оҥорон, уруһуйдаан  көрөр буолуохтаах.  Олохпут хайдах өҥнөөх, дьүһүннээх   буолара бэйэбититтэн эрэ тутулуктааҕын билэбит. Тус бэйэм ыал буолар кэмим кэлбитигэр, кэргэним  эр киһи ханнык  сүрүн хаачыстыбаларын, наабыыктарын  баһылыахтааҕын  оҥорон көрөммүн,  санаабынан, дууһабынан тардан ылбыт курдукпун.    Ол курдук, таптыыр киһибэр кэргэн тахсан, баҕарбыппыт  курдук икки уол, икки кыыс оҕолонон  дьылҕабытыгар махталбыт муҥура суох. Ону таһынан,  төһө да кыра сиргэ олордорбут аныгы олоххо сөптөөх, киэҥ-куоҥ, толору хааччыллыылаах,  икки мэндиэмэннээх  дьиэлээхпит. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ дурда-хахха буолар, булар-талар  саамай тутаах киһибит, аҕабыт  Николай буолар.  Оттон мин иэримэ дьиэни иччилиир, сүбэ-ама, күүс-көмө буолар эрэллээх доҕоро буолабын. Билиҥҥи үйэҕэ оҕону иитиигэ  хара маҥнайгыттан истиҥ сыһыанынан, бэйэ-бэйэҕэ өйдөһүүнэн-өйөһүүнэн  салайтарабыт.  Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн кыыс, уол үлэтэ диэн араарбакка, барытыгар бэйэбит холобурбутунан  илдьэ сылдьан үөрэтэн-такайан улаатыннардыбыт.  Аныгы олох  тэтимнээхтик сайдан, уларыйан иһэриттэн  толлон турбакка, успуордунан дьарыктанан, тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын  билэн  улааппыттара,  инники олохторугар күүс-көмө  буолуо диэммит эрэллээхпит. Өбүгэлэрбит курдук ынах-сүөһүнү иитэн, бэйэ оҥорбут үрүҥ аһын, этин  сиэн,  саха киһитэ чэгиэн туруктаах буоларын  умнумуох тустаахпыт.  Хас биирдии   киһи күүстээх санаалаах буолуохтаах, олоҕун суолун бэйэтэ  баҕарбытынан  тутуохтаах дии саныыбын.

Баҕа санааларгытын харыстааҥ

Раиса Егоровна Потапова, үлэ бэтэрээнэ, Амма улууһун Болугур нэһилиэгин олохтооҕо.

– 60 сааска диэри, арааһа,  олоххо ситиһиллэри барытын  толороллоро буолуо дии саныыбын. Үөрэхтэнии, карьера оҥостуу,  ыал буолуу, оҕо-уруу төрөтүү, онтон  сиэннэри көрүү… Тус бэйэм дьон тэҥэ барытын  ситиһэ сатаатым дии саныыбын. Урут  кэргэн тахсыбакка,  ыал буолбакка хаалыам диэммин куттана  саныыр этим. Ол эрэн, ону санаа-оноо оҥостубакка, дьон-дьон курдук ыал буолбутум. Дьиҥэр,  олох эдэрбэр  ыал буолуохтаах этим. Биир уоллуун сүрдээҕин бэйэ-бэйэбитин сөбүлэһэн,  таптыыр, таптатар диэн тугун  билбиппин астына ахтабын. Ону таһынан, үлэһит буолуохха наада диибин. Туохтан да чаҕыйбакка, толлубакка   иннигит хоту  баран иһиҥ, туруоруммут сыалгытын-соруккутун ситиһэ сатааҥ, баҕа санааларгытын олоххо киллэрэргэ дьулуһуҥ диэммин сүбэлиибин. Биһиги Сэбиэскэй кэминээҕи  көлүөнэ буоллахпыт дии, оччолорго  олохпут атын этэ. Аныгы үйэ дьонун  ыыра киэҥ. Бэйэм оҕолорбор үөрэхтээх буолан, дьон тэҥэ дьоһун  олохтонуҥ  диэммин этэр этим.  Билигин дьон сиэринэн этэҥҥэ  олороллор. Тыа сирин дьахтара буоламмын, үлэ үөһүгэр сырыттаҕым дии. Кэргэним күн сириттэн эрдэ баран, дьиэ-уот  туттубатахпыт. Инньэ гынан,  үйэм тухары уопсай дьиэҕэ олордум.  Ситиспэтэҕим диэн, арааһа,  ол буолуо.

Дьоһун олохтонуҥ

Людмила Афанасьевна Андросова – педагогическай үлэ бэтэрээнэ, РСФСР уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

– Олох киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэр. Бу орто дойдуга айыллан кэлбиппиттэн олус үөрэбин,  Айыыларбар махтанабын. Олох диэн олус күндү, кэрэ буоллаҕа. “Бу сир үрдүгэр, тапталлаах дойдубар, дьоммор тугу оҥордум? Олоххо иэспин төлөөтүм дуо?”  диэммин сааһыран олорон  санаан көрөөччүбүн. Киһи олоҕун чиэстээхтик олоруохтаах дии саныыбын. Ол курдук, үөрэниэхтээх, сөбүлүүр идэтин баһылаан айымньылаахтык үлэлиэхтээх. Дьоҥҥо-сэргэҕэ, үүнэр көлүөнэҕэ кэскиллээҕи, үтүө өйдөбүлү хаалларыахтаах. Олорон ааспыт олоххун  кэнэҕэски дьон үтүө тылынан ахтан, санаан ааһара дьол дии саныыбын.  Оҕо сааспыттан  баҕарбыт идэбин баһылаан, өр сылларга дойдубар  «Кэнчээри», «Сардаана» уонна «Күнчээнэ» уһуйааннарга иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн бэйэм кыахпынан таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Өр кэмҥэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит «Күнчээнэ» уһуйааным улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа  бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр. Кэлин спортивнай оскуолаҕа үлэлиир кэммэр, олорор бөһүөлэгим устуоруйатын сырдатар түмэлгэ    үлэлээбитим. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар тыылга күүстээх үлэнэн Кыайыыны уһансыбыт, МТС тырахтарыыс уолаттарын, кыргыттарын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыппытым. Ол курдук, «Кинилэр кыайыыны уһансыбыттара» сквер,  «Тимир көлө хоптолоро» документальнай киинэ, «Мындааба»  уонна «Тимир көлө тэһиинин тутан» тырахтарыыс  кыргыттар тустарынан кинигэлэри суруйан таһаартарбытым, элбэх тэрээһиннэри  ыыппытым. Үйэтитэр үлэҕэ бырайыак оҥороммун Мүрү нэһилиэгин уонна улуус дьаһалтатын өйөбүллэринэн, Мындааба бөһүөлэгин уопсастыбаннаһын, тыыл бэтэрээннэрин оҕолорун, аймахтарын күүһүнэн сквер оҥоһуллубута. Бу барыта ааспыт кэм дьонугар сүгүрүйүү, кинилэринэн киэн туттуу бэлиэтэ буолар. Бу үлэлэр элбэх дьону түмэ туруохтара, дьон сэргэ олох баарын тухары Кыайыыны уһансыбыттарга сүгүрүйүө, махтаныа буоллаҕа. Мин онтон олус  үөрэбин.

 

Венера Охлопкова