Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Сайыммыт бүтэн, оҕобут оскуолаҕа барар кэмэ тиийэн кэллэ. Бу кэм маҥнайгы кылааска барар оҕоҕо уонна кини төрөппүттэригэр саамай эппиэтинэстээх.
Оҕо балаҕан ыйын маҥнайгы күнүттэн 5-6 нэдиэлэ устата өйүнэн-санаатынан, этинэн-сиининэн тулалыыр усулуобуйа уларыйыытыгар сөп түбэһэн бириэхтээх. Ыарахаттары көрүстэҕинэ адаптация ыйы ыйдаан, сыл аҥарыгар тиийэ уһуон сөп. Ити оҕо тус бэйэтин уратыларыттан тутулуктаах.
Бу кэмҥэ төрөппүт көмөтө, болҕомтото улахан оруолу оонньуур.
- Оҕо билиигэ тардыһыытын, интэриэстэрин убаастааҥ. Бу кэми оонньуу-элэк курдук ылынымаҥ. эһиги болҕомтолоох сыһыаҥҥытын көрдөҕүнэ, үөрэҕэр боччумнаахтык сыһыаннаһыа.
- Оскуолаҕа уһуйаантан букатын атын быраабылалар, нуормалар баалларын оҕо эрдэҕиттэн билиэхтээх. Ону кэпсииргитигэр эбии кинигэлэри, уоуһуйдары, хаартыскалары, киинэлэри туттуоххутун сөп. Оҕоҕо холобур буоларыгар чэпчэки буолуо.
- Оҕону мөҕүмэҥ. Оскуолаҕа маҥнайгытын барбыт оҕо саҥа билиигэ үөрэнэр, ону умнумаҥ. Тугу эмэ сыыһа оҥорбут, өйдөөбөтөх буоллаҕына мөҕүмэҥ, барыта түргэнник табыллыбат.
- Көрсүбүт ыарахаттары тэҥҥэ туорааҥ. Оҕо көрсүбүт ыарахаттарын туораан иһиэхтээх. Кэнникигэ хаалларан, элбэтэн иһиэ суохтаах. Холобур, ханнык эмэ буукубаны сыыһа саҥарар буоллаҕына, тустаах идэлээх үллэһиккэ көрөдөрөн, ити боппуруоһу быһаарар ордук. Бэйэтэ ааһарын кэтэһимэҥ. оҕо бэйэтин итэҕэс курдук сананан уруоктарга кыбыстан эппиэттээбэт түгэнэ үөскүөн сөп.
- Маҥнайгы кылааска уонна саҥа куруһуокка тэҥинэн биэримэҥ. Бириэмэ ыгымын оннооҕор улахан киһи ыарырҕатар, оттон оҕоҕо өссө уустук буолара чахчы. Оҕо дьиэҕэ үлэтин ыксаабакка, ыгылыйбакка толоро үөрэниэхтээх. Оскуола кэнниттэн 1-2 чаас устата сынньаныахтаах.
- Оҕо болҕомтото кылгас, төрөппүт ону өйдүөхтээх. Дьиэҕэ сорудаҕы эбэтэр бэйэҕит эбии үөрэтэр буоллаххытына, 15 мүнүүтэ кэнниттэн кыра тохтобул оҥоруохтааххыт. Ол кэннэ уруогун салгыы аахтараҕыт.
- Оҕо кыраттан хомойор. Мөҕүмэҥ, сыыһаны эрэ бэлиэтии көрүмэҥ. Нууччалыы эттэххэ, “замечание” киһи илиитин-атаҕын баайар. Кыра да саҥаны билбит, өйдөөбүт, сатаабыт буоллаҕына хайҕааҥ. Хайҕабыл оҕоҕо эмп курдук дьайар. Бэйэ күүһүгэр, билиитигэр итэҕэйбэт оҕо төрөппүт көмөтүнэн уларыйыан сөп. Үөрэнэригэр чэпчэки буолар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир, санаатын куттаммакка этэр буолар.
- Сарсыарда аайы оскуолаҕа үөрэ-көтө атаарыҥ. Оскуолаҕа атаара туран “үчүгэй сыананы аҕалаар”, “учууталгын истэ сырыт”, “буруйу оҥорума” диэн тылларынан ыытымаҥ. Ол оннугар «үчүгэй күнү», «күнүҥ туһалаахтык аастын» диэн сымнаҕастык, сыллаан атаарар ордук. Оҕо ис туруга сыанаттан, истигэн буолууттан тутуллуо суохтаах. Оҕо бэйэтин суолтатын өйдүөхтээх.
- “Тугу биллиҥ?”, “тугу гынныҥ?” ыйытыылардаах көрсүмэҥ. Кутталыттан оҕо албынныырга, үчүгэйдик көстө сатыырга үөрэнэр. Кини эһиэхэ отчуоттуу кэлэр курдук буолар, итинтэн сөптөөх кэпсэтии тахсыбат. Ыйытыыларгытын “күнүҥ хайдах ааста?” эҥин диэҥҥэ уларыттаххытына, оҕо олоҕун сэҥээрэргитин, кини хайдах туруктааҕын билиэххитин баҕараргытын көрдөрөҕүт.
- Соҕотох буолбатаххыт. Оскуола олоҕор туох эмэ ыарахаттары көрсүбүт буоллаххытына, өйдөспөт түгэннэр үөскээтэхтэринэ тустаах исписэлиистэртэн, учууталтан о.д.а кыһалҕалаах ыйытыыларгытын ыйытыҥ, көмөтө көрдөөҥ, кыбыстымаҥ. Умнумаҥ, эһиги кыра киһиэхэ күүс-көмө, үтүө холобур буолаҕыт!
Лепчикова Туйара Владимировна, педагог-психолог, клиническай психолог