Рубрика: Служебная: Слайдер на главной
Мин Майя диэммин, Бүлүү улууhун Илбэҥэтиттэн төрүттээхпин. Маркетолог уонна экэнэмиис-бухгаалтыр үөрэхтээхпин. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпун. Идэбинэн үлэлиирим таһынан, макраме ньыманан арааһы барытын баайабын.
Макраменан икки сыллааҕыта оҕобор олорон дьарыктанан саҕалаабытым. Социальнай ситимнэр нөҥүө кыралаан үлэхтэри ылар буолбутум. Билигин түннүк сабыыларын, абажурдары, суумкалары, гамагтары, паннолары, куукулалары, брелоктары, оннооҕор былаачыйалары баайабын. Саамай астыммыт уонна өйдөөн хаалбыт оҥоһугум диэн, 180 см диаметрдаах төгүрүк панно уонна сэттэ хонук иһинэн баайбыт гамагым буолар. Бу курдук арааһы барытын баайарбын сөбүлүүбүн. Дьон ордук дьиэҕэ аналлаах харысхаллаах оҥоһуктары үлэһэллэр. Оттон сайыҥҥы кэмҥэ кэрэ аҥаардар хамаҕатык суумкалары ылбыттара уонна Ыһыахха анаан сахалыы оһуордаах бастыҥа, илин кэбиһэр үлэспиттэрэ.
Туттар саптарбын мантан эбэтэр атын куораттан үлэһэн ылабын. Чааһынай дьиэҕэ олорор буоламмын, куруук дьиэбин ураты, кэрэ көстүүлээх малынан-салынан киэргэтиэхпин баҕарабын. Ол миэхэ саҥаны, сонуну айарбар иэйии биэрэр. Ону таһынан, атын омук маастардар үлэлэрин көрөн үөрэнэбин уонна хаһан да оҥорботох үлэҕим киирдэҕинэ астына-астына, үөрэ-көтө баайабын. Куруук биири эрэ баайа сырыттахха, киһи уостар эбит. Ону, дьэ, саҥа биллим. Ол иһин, бэйэм баҕарбыппын баайаммын ити туруктан босхолонорго үөрэнним. Холобур, бу соторутааҕыта былаачыйа баайан атыылаабытым. Оҥоһук кээмэйиттэн, төһө уустугуттан көрөммүн, холобур, гамагы, шатёру 3-4 нэдиэлэ, түннүк сабыыларын 10-14 күн, кыра паннолары 2-3 күн баайабын. Бу дьарыкпар күҥҥэ 4-5 ч аныыбын, онтон уһуннук кыайан баайбаппын.
Тыыннаах маастар-кылаастары ыыта иликпин. Аныгы үйэ сиэринэн дьон куйаар ситимин нөҥүө үөрэнэллэрин ордороллор эбит. Ол иһин, түннүк сабыытын уонна былаачыйаны баайыыга «онлайн» үөрэтэр маастар-кылаастаахпын. Инникитин элбэх «онлайн» үөрэхтэри устар, бэлэм нобуордары оҥорор, устуудьуйалаах маҕаһыын арынар былааннаахпын. Өссө да элбэх араас оҥоһуктары баайыам, айыам-тутуом. Түгэнинэн туһанан кэргэммэр улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Кини саптарбын атыылаһан аҕалан, оҥоһуктарым олохторун оҥорон, үлэһээччилэргэ илдьэн биэрэн күүс-көмө, өйөбүл буолар.
Харысхаллаах брелок оҥорууга маастар-кылаас
Ирдэнэр: 2,5 см кэтиттээх карабин күлүүс, биирдии миэтэрэ уһуннаах түөрт быа (быа кэтитэ 3 мм). Харысхал диаметра 3 см.
Баайыыта олус судургу, хаартыскалары көрөн үтүгүннэрэн оҥор.
Харысхаллаах брелокпут бэлэм буолла. Маны суумкаҕар иилэн эбэтэр күлүүстэргин кытта илдьэ сылдьыаххын сөп.