Рубрика: Кэм эркээйитэ
СЕРИАЛ… СЕРИАЛ… Мин аан бастаан көрбүт сериалым комиссар Катани туһунан “Спрут” диэн этэ. Бары да өйдүүр буолуохтааххыт, олус кыраһыабай артыыс Микеле Плачидо оонньообута. Ол кэмтэн саҕалаан маҥнайгы ханаалга Бразилия, Аргентина араас сериалларын көрдөрөр буолбуттара: “Рабыня Изаура”, “Секрет Тропиканки”, “Земля любви, земля надежды”, “Дикий ангел” … Иккис ханаалга көстүбүт “Санта Барбара” туһунан кэпсии да барыллыбат. Олус уһун буолан дьон салҕан да хаалбыта. Өйдүүгүт, сериалы күҥҥэ иккитэ көрдөрөр этилэр, эбиэт иннинэ уонна киэһэ аһылык кэнниттэн. Үчүгэй даҕаны кэмнэр эбиттэр. Кэлин, тоҕо эрэ, киинэлэрбитин таһаарбат буолан хаалбыттара хомолтолоох этэ. Ол оннугар бары сэргээн көрөр “Саха” НКИХ ханаалыгар “Ыаллыылар”, “Ыаллыылар 2” диэн бэртээхэй, Саха тыйаатырын артыыстара оонньообут сериаллара тахсыбыта. Бу сериал элбэх дьон кутун туппута… Ити кэнниттэн өр соҕус эмиэ туох даҕаны тахсыбатаҕа. Онтон дьэ, 2017 сыллаахха “Ааспыт ааспат амтана” телесериал, сайыҥҥы куйааска сөрүүн салгын илгийбитинии, хас биирдии саха ыалын дьиэтигэр сэргэхситэн киирэн кэлбитэ. Бу кэмтэн саҕалаан олохтоох ханаалбыт бииртэн-биир үчүгэй сериаллары сылаастыы сырылаппытынан саха дьонун көрүүтүгэр таһаарар буолбута. Биһиги итинтэн үөрэбит, хаһан киэһэ тоҕус чаас буола охсон сериалбыт саҕаланарын кэтэһэбит. Үгүскүт кимнээх, хайдах усталларын, үлэлииллэрин сэҥээрэр буолуохтааххыт. Ол иһин, бэйэм даҕаны сэргэҕэлээммин, Саха телесериал сулууспатын салайааччытын Марфа Пермякованы кытта көрүстүм. Марфа Пермякованы 90-с сыллардааҕы ыччат, оҕолор бары даҕаны билэр буолуохтааххыт. Кини “Сахалыы Виктория” бастакы саататар-аралдьытар араадьыйаҕа Марина Пермякова диэн аатынан тахсан куорат олохтоохторун сэргэх куолаһынан уһугуннарар, намыын саҥатынан утутар этэ. Клаудио Вилла “Марина, Марина, Марина-аа” диэн ырыатынан эпиирин саҕалыырын өйдүүбүн ээ. Ити кэмтэн саҕалаан сыыйа сахалыы сериаллар тустарынан дьоруойбут кэпсээнин ааҕаргытыгар ыҥырабын.
- Киһиэхэ сөбүлүүр хаачыстыбата: эппиэтинэстээх буолуу
- Сөбүлүүр суруйааччыта: Софрон Данилов, Борис Акунин
- Сөбүлүүр поэта: Сергей Есенин
- Сөбүлүүр киинэ артыыһа: Аль Пачино, Бредли Купер, Гаврил Менкяров
- Сөбүлүүр ырыаһыта: Адель, Байбал Сэмэнэп
- Сөбүлүүр сибэккитэ: пион
АРААДЬЫЙА ДОЛГУНУН УСТУН
— “Сахалыы Виктория” төрүттэниэҕиттэн үлэлээбиппиттэн киэн туттабын. Араадьыйа 1998 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго устуудьуйабыт вышка анныгар тимир гаражка баара. Олус да тымныы буолара. Суорҕан бүрүнэн олорон эпирдиир күннэрдээх этибит. Бу араадьыйа ханаалын Александр Дмитриевич Глотов арыйбыта, эрэдээктэр Лена Меркурьева этэ. Бастакы ыытааччылары Лена сүүмэрдээн талбыта — Анатолий Егоров, Анна Исакова, Георгий Николаев, Тамара Игнатьева (Айыына)… Төлөбүрэ кыра да буоллар, эдэр дьон ис сүрэхпититтэн астынан, иэйэн туран үлэлиирбит. Оччолорго устуудьуйабыт тэрилэ — магнитофон уонна биир дисковод. Кассетаны төттөрүтаары эриттэрэр буоларбыт.
Манна үлэлиир кэммитигэр “Этигэн хомус” бырайыагы саҕалаабыппыт. Түүннэри сценарий суруйуута, тэрээһин сүпсүлгэнэ — барыта олус долгутуулаах, интэриэһинэй, кэтэһиилээх даҕаны буолара. Биһигини кытары Мэхээс Сэмэнэп үлэлиирэ. Кини 90-с сылларга «Бабочкалаах уолаттар», «Туймаада» ансаамбылларга, «Дапсы» бөлөххө ыллыыра. Ону таһынан тылгаөскө тыыппалаах суруналыыс буолан, тылы сөпкө туһанарга, сахалыы таба саҥарарга биһигини кини үөрэтэрэ. “Ситэтэ суох хааччыллыылаах дьиэ” эҥин диэн өйдөбүллэр биһиги араадьыйабытыттан силисмутук тардан тарҕаммыттара.
Ис сүрэххиттэн таһаарыылаахтык үлэлиир буоллаххына, бэлиэтии көрөллөр эбит. «Сахалыы Викторияҕа» үлэлии сырыттахпына, оччолорго “Саха” НКИХ бэрэсидьиэнэ Иван Михайлович Андросов “Саха” араадьыйатын иһинэн аралдьытар ханаалга шеф эрэдээктэринэн кэлэн үлэлээ диэн ыҥырбыта. Онон 2010 сыллаахха “Саха” НКИХ-га үлэҕэ киирбитим. Саха араадьыйатыгар үлэлиир кэммэр саҥа устуудьуйаҕа киирбиппит, ол кэмтэн эрдэ диктордаабыт ыытааччылар иккиэ буолан кэпсэтии жанрынан саҥаран саҕалаабыттара. “Үрдэл” музыкальнай бириэмийэни олохтообуппут. Иван Тарасовы кытары “Тыыннаах дорҕоон” бырайыагы саҕалаабыппыт. Быйыл бу биэриибит онус үбүлүөйдээх сыла буолар. Сыыйа “Саха” араадьыйа дириэктэрин солбуйааччыта буолбутум. Бу курдук үлэлии сырыттахпына, 2018 сыл саҥатыгар, ол кэмнээҕи хампаанньа генеральнай продюсера Олег Марков ыҥырыытынан телевидениеҕэ продюсерынан анаммытым.
СЕРИАЛ УСТАР УУСТУК ЭРЭЭРИ…
— “Ыаллыылар”, “Ыллыктар” сериаллар кэннилэриттэн “Саха” НКИХ бэйэтэ сериал устарга холоммута. 2017 сыллаахха сүрүн дьоруойдары Ирина Никифорова, Айаал Аммосов оонньообут “Ааспыт ааспат амтана” диэн бэрт сэргэх сериалы таһаарбыта. Бу сериал сценарийын оччолорго “Сардаана” биэрии ыытааччыта Сардаана Сивцева-Даана Сард суруйбута. Режиссерунан Марина Платонова, продюсерынан Евгения Давыдова режиссерга үс ый бэриллэр. Ити кэннэ постпродакшн, ол эбэтэр монтаһа, тыаһа-ууһа, цветокоррекцията оҥоһуллар. Оччотугар, биир сериалы таһаарарга, быһа холоон сыл барар. Көрөөччүлэрбит, бэйэбит даҕаны, сериалларбыт төгүрүк сыл устата тохтоло суох көстө туруохтарын баҕарабыт. Бу, билигин ыра санаа курдук эрээри, хаһан эрэ оннукка тиийиэхпит диэн эрэнэбин. Хас даҕаны устар бөлөх буолан араас улуустарынан үлэлээбиттэрэ. Бастаан, продюсерскай кииҥҥэ үлэлиир эрдэхпинэ, режиссер Елена Эверстованы кытары “Сүлүһүннээх таптал” уонна “Сүлүһүннээх таптал. Эргиллии” сериалларга үлэлэспитим. 2019 сыллаахха Олег Олегович Марков “Саха” НКИХ генеральнай дириэктэрэ буолан баран, хампаанньа салааларыгар уларытыылары киллэрэр, онно телесериал сулууспата диэн салааны арыйар уонна миигин салайааччынан аныыр.
Сулууспабытыгар түөрт режиссер, үс сценарист, биэс оператор, иккипродюсер, монтажрежиссера үлэлииллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ “Саха” НКИХ уопсайа 17 сериалы уонна биир киинэни оҥорон таһаарда. Сериал устар уустук эрээри, олус интэриэһинэй. Үлэ хаамыыта хайдах барарый? Түөрт-биэс ый устата сценарий суруллар. Ол кэннэ бэлэмнэнии үлэтэ барар, артыыстары, дьиэни-уоту, малы-салы булабыт, бу эрэ кэнниттэн киинэ уһуллуута саҕаланар. Сериал уһуллуутугар режиссерга үс ый бэриллэр. Ити кэннэ постпродакшн,
ол эбэтэр монтаһа, тыаһа-ууһа, цветокоррекцията оҥоһуллар. Оччотугар, биир сериалы таһаарарга, быһа холоон сыл барар. Көрөөччүлэрбит, бэйэбит даҕаны, сериалларбыт төгүрүк сыл устата тохтоло суох көстө туруохтарын баҕарабыт. Бу, билигин ыра санаа курдук эрээри, хаһан эрэ оннукка тиийиэхпит диэн эрэнэбин.
Хас даҕаны устар бөлөх буолан араас улуустарынан тарҕанан үлэлиирбит төһөлөөх астык буолуо этэй?! Билигин дэриэбинэҕэ уһуллар буоллахпытына Хатаска, Тулагыга эрэ тахсабыт. Дьокуускай рестораннарын, кафеларын барытын кэрийдибит. Онон, бу киэҥ-куоҥ дойдубут араас, кэрэ айылҕалаах муннуктарыгар тиийэн сериалларбытын, киинэлэрбитин устубут киһи диэн улахан баҕа санаалаахпын.
Билиҥҥи кэмҥэ саамай үчүгэйэ — устар бөлөҕү нэһилиэнньэ күүскэ өйүүр. Дьиэлэрин-уоттарын, малларын-салларын дөбөҥнүк уларсаллар, көмөлөһөллөр. Маны таһынан тэрилтэлэр эмиэ сэҥээрэн эрэллэр. Ол иһин, түгэнинэн туһанан, сахалыы сериалларга көстүөн, өйүөн баҕалаах тэрилтэлэри бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырабын.
Элбэх киһи киинэҕэ уһуллар кистэлэҥ баҕа санаалаах эбит. Кылгас даҕаны эпизодка көстөн аастахтарына сүргэлэрэ көтөҕүллэр. Кини киинэҕэ көстүбүтэ, баара диэн буолар. Биһиги итинтэн олус үөрэбит. Уопсайынан, сахалар киинэни олус сэҥээрэр, таптыыр омукпут.
Олохтоох ханаалбыт “Медиа хилс” диэн ыйыллыбыт кэмҥэ көрөөччү ханнык ханаалы көрө олорорун бырыһыанынан ааҕар хампаанньаны кытта үлэлиир. Кинилэр таһаарыыларынан сахалыы сериал көстөр бириэмэтигэр саамай элбэх көрөөччү биһиги ханаалбытын кэтиир эбит. Графикаҕа көстөрүнэн, киэһэ 21:00- 22:00 чааска 80% диэри күүскэ үрдүүр. 2022 сыллаахха тахсыбыт “Мин таптыыр спутнигым” уонна “Тумарык” сериаллар хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх көрөөччү болҕомтотун тартылар.
Быйыл Саха телевидениетэ тэриллибитэ 60 сыла. Баай ураты историялаах, түүнү-күнү быһа үлэлиир сахалыы соҕотох ханаалга үлэлиирбиттэн олус астынабын. Түгэнинэн туһанан, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбин, телевидениеҕэ үлэлиир доҕотторбун, сериал сулууспатын өйүүр, аныгы кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр салайааччыларбын кэлэн иһэр үбүлүөйгүтүнэн эҕэрдэлиибин. Бу бэлиэ сылга биһиги сулууспабыт түөрт сериалы таһаарыаҕа.
Билигин Сардаана Сивцева-Даана Сард, Октябрина Шестакова, Катерина Григорьева уонна Евгения Давыдова сценарий суруйаллар. Биһиги кинилэр айар үлэлэрин хааччахтаабаппыт. Сценарийдарын хайысхатын, тиэмэтин эрэ ыйан биэриэхпитин сөп. Ол кэннэ ис хоһооно хайдах буолара сценарист бэйэтин фантазията. Ханаал сүрүн көрөөччүтэ дьахтар аймах буоларын быһыытынан, сериалларбытын кинилэргэ анаан устабыт. Сүрүн жанрдарбыт — драма, мелодрама.
Биһиги устар үлэбит үгэнэ — саас халлаан сылыйыаҕыттан маҥнайгы тымныылар түһүөхтэригэр диэри. Бу кылгас кэмҥэ туттуммахтаан хаалаары күүскэ үлэлиибит. Кыһыммыт тымныыта бэрт буолан устарга техническэй өттүнэн уустуктардаах. Онон кыһынын таҥыы, тыас-уус туруоруута ыытыллар. Устуу кэмэ төһө да сылаалаах буоллар, устар хамаанда ол кэми олус ахтар.
Мин үлэбэр олус астынарым — устар бөлөх күннээҕи былаанын толорон, үөрэн-көтөн, сырдаабыт харахтаах үлэлиир хоспутугар киирэн кэлиилэрэ. Ким хайдах оонньообутун, туох күлүүлээх түгэн тахсыбытын кэпсииллэрин истэртэн, дьонум астыммыт сирэйдэрин көрөртөн ордук туох кэлиэй?! Үлэттэн дуоһуйууну маннык түгэннэр аҕалаллар. Ардыгар олус үчүгэйдик былаанныыгын, кэпсэтэнипсэтэн дьону, локацияны булбутун, устар бөлөх бараары бэлэмнэммитин кэннэ, хайа эрэ артыыс “кыайан кэлбэт буоллум” диэтэҕинэ, үлэ күнэ барыта сотуллан хаалар. Олус хомолтолоох түгэн.
Сериалы, киинэни устуу хамаанда үлэтэ буоллаҕа… Манна хас биирдии киһи эппиэтинэһэ сыаналанар. Сериалы үлэ кэмигэр бэрэбиэркэҕэ көрөр уонна көрөөччүлэри кытта тэҥҥэ телевизорынан көрөр букатын атын. Дьиэбэр хайдах баарынан кыҥкыйа суох налыйан олорон көрө сатыыбын. Ардыгар бастакыбын көрөр курдук ылынабын. Киинэ ускуустубатын күүһэ онно сыттаҕа…
ҮС ААТТААХПЫН — МУСЯ, МАРИНА, МАРФА
— Мин пааспарбынан Марфа Даниловна Пермякова диэммин. Араадьыйаҕа тахсарбар Маринабын, оттон дьоммор, чугас доҕотторбор Мусябын. Чурапчы улууһун Мугудай нэһилиэгэр уон оҕолоох Пермяковтарга онус, мурун бүөтэ оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм миигин 43 сааһыгар оҕоломмута. Кини аатынан Марфа диэн аҕам ааттаабыт. Эдэр сылдьан аап-пын сөбүлээбэт этим. Мааппа диэн ааты иҥэриэхтэрэ диэммин, араадьыйаҕа тахсарбар, эрэдээктэрбиттэн сөбүлэҥин ыламмын, Марина диэн буолбутум. Ол кэмтэн араадьыйаҕа алтыспыт дьонум миигин билигин да Марина дииллэр. “Саха” араадьыйатыгар үлэлии кэлэн бараммын Марфа буолабын диэн толкуйдаммытым. Ол эрээри эфиргэ микрофон иннигэр олорон бараммын “Үтүө сарсыарданан, эфиргэ Марина Пермякова” диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалбыта… Оннук Маринанан үргүлдьү баран хаалбытым. Онон, телевидениеҕэ кэлэн эрэ бараммын, бэйэм дьиҥнээх ааппын ылыммытым.
ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛБЫТ
Нуучча тылын учуутала үөрэхтээхпин. Ол эрээри учууталынан биир эрэ сыл дойдубар үлэлии сылдьыбытым. Кэлин суруналыыстыкаҕа магистратураны бүтэрбитим. Мин патриоппун. Дойдубунан, үлэлиир тэрилтэбинэн киэн туттабын. Саҥарар-иҥэрэр сахалыы тылбыт баар буоларын туһугар ис сүрэхпиттэн ыалдьабын. Ол да иһин буолуо, төһө даҕаны нуучча тылын учууталын үөрэҕин бүтэрдэрбин, сахалыы тыллаах араадьыйаларга, ханаалга үлэлээтэҕим, үлэлии да сырыттаҕым. Уол оҕолоохпун, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей физмат кылааһын бүтэрээри сылдьар. Дьиэбэр куруутун “Тэтим” саха араадьыйатын, подкаһын, сахалыы ханаалы холбуур, куруутун сахалыы кэпсэтэр буоламмын, оҕом сахалыы куттаах улаатта. Төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ, дьиэҕитигэр сахалыы араадьыйаны, ханаалы, киинэлэри холбуур буолуҥ. Оҕо кэлэ-бара сылдьан барытын истэр-көрөр, өйдүүр. Тута даҕаны буолбатар, кэлин сахалыы кута уһуктуо диибин. Билиҥҥи оҕолор төрөөбүт тылларын билбэт буолан эрэллэриттэн долгуйабын. Бу көстүүнү оҕолорго ыытыллыбыт тургутук кэмигэр көрөн сонньуйдум. Аан маҥнай төрөппүттэргэ анкета толотторбуппут. Онно оҕом сахалыы саҥарар диэн бэлиэтээбиттэр этэ. Бу оҕолор тургутууга кэлэн баран, сахалыы ыйытыыга нууччалыы хоруйдууллара сөхтөрдө. Сахалыы сүһүөхтээн ааҕаллар, тугу аахпыттарын өйдөөбөттөр. Оҕолорбут сахалыы саҥаны истэн өйдүүр эрээри саҥарбат буолбуттар. Онуоха төрөппүттэр оҕолоро тылы өйдүүр буоллаҕына саҥарар дии саныыллар эбит. Саха норуотугар олус улахан куттал суоһаата дии саныыбын. Тылбыт биллибэккэ-көстүбэккэ симэлийиэх курдук. Бу кыһалҕаны төрөппүттэр өйдүүллэрэ буоллар. Төрөөбүт тылбыт баар буоларын туһугар, биһиги, сахалыы тылынан саҥарар-иҥэрэр, кэпсиир-ипсиир тэрилтэлэр үлэлиибит-хамсыыбыт. Онон, күндү төрөппүттэр, саха тыла сүппэтинтуһугароҕолорбутугар болҕомтото ууруохха, сахалыы саҥарыахха. Марфа Даниловна этиитигэр сөпсөһөбүн. Кырдьык даҕаны кыраттан саҕалыахха: сахалыы ханааллары, сериаллары оҕолорбутун кытта бииргэ көрүөххэйиҥ. Сахалыы телесериал сулууспата сайда, кэҥии турарыгар баҕарабын.
САХАЛЫЫ ТЕЛЕСЕРИАЛ СУЛУУСПАТА УСТУБУТ СЕРИАЛЛАРА:
• “Ааспыт ааспат амтана”
• “Ааспыт ааспат амтана 2”
• “Сүлүһүннээх таптал”
• “Сүлүһүннээх таптал. Эргиллии”
• “Айуу чэ!” • “Иза уонна Лиза”
• “Күдээринэ күүрээн”
• “Хаһан сайын буоларый?”
• “Олох диэн олох”
• “Офистар”
• “Дьоллоох буолуох”
• “Дьол тааһа”
• “Хатаныы”
• “Кыргыттар”
• “Мин таптыыр спутнигым”
• “Күн кыыһа Күннэй” киинэ
• «Тумарык» • «Быстыбат ситим»
Юлия Пестрякова