Рубрика: Кэрэ сэбэрэ
Лена Осипова стилист, дизайнер, муода сүгүрүйээччитэ буолбатах. 50 сааһыгар үктэнэн эрэ баран киэргэнэр, араас таҥаһы дьүөрэлээн таҥнар буолбутум диэн кэпсиир. 90-с сылларга “Ахсаан” диэн информационнай кииҥҥэ үлэлээбит. “Сарсыардаттан киэһэҥҥэ диэри компьютер иннигэр олорор буоламмыт көннөрү джинсы ыстаанынан сылдьарым, киэргэнэр наадата суох курдук этэ, үөрэнэн даҕаны хаалбытым”, — диэн кэпсиир. Лена билигин 62 саастаах, дьиэҕэ олорон хаалбат баҕаттан көмүс маҕаһыыныгар атыыһытынан үлэлиир. Дьон ортотугар сылдьар буолан кыраттан саҕалаан араастаан таҥнан боруобалаан барбыт. Истиил, бренд диэҥҥэ кыһаммат. Киһи ис туруга этэринэн таҥныахтаах диэн этэр. Этин-сиинин куруутун эрчийэр эбит. Аҕыс сыл йоганан, ол кэннэ кроссфитынан эрчиллэ сылдьыбыт. Билигин “аэростретчинг” диэн көрүҥү биһирээн дьарыктанар. Маны таһынан, Валентина Безрукова модельнай оскуолатыгар үөрэммит. Дьоруойбут Лена таҥаһы таҥныы туһунан кылгас сүбэлэрин үллэстибитин таһаарабыт.
- Сааһыра барбыт киһи эргэрбит таҥаһы таҥнара соччото суох. Чэпчэки сыаналаах саҥа таҥас, ыарахан сыаналаах эргэ таҥастааҕар ордук. Төһө даҕаны ыраас, сыаналаах эрээри эргэ таҥас хаһаайкатын киэргэппэт. Арай “винтажнай” таҥаһы киһи дьүөрэлээн таҥныан сөп эрээри, ону эмиэ сатыахха наада.
- Киэргэл хайаатар даҕаны сыаналаах буолара наадата суох. Эрдэ кыһыл көмүһү кэтэрим, билигин үрүҥ көмүс ордук.
- Өр кэмҥэ баттаҕым маҥанын кистээн кырааскалатар буоларым, билигин бэйэтин өҥүн ордоробун. Кырааскалаппатаҕым уонча сыл буолла.
- Саастаах дьоҥҥо “кэжуал”, “бохо” стиль барсар. Ол эрэн, бэйэбин анаан ханнык эрэ истиилинэн таҥнабын дии санаабаппын. Киһи көҥүллүк, сарсыарда утуйан турбут санаатынан таҥныахтаах. Таҥнар таҥас куруутун ыраас уонна өтүүктэнэн бэлэм буолара ордук, оччотугар, ыскаабы арыйаат сөбүлээбит кэмпилиэккин дьүөрэлээн кэтэргэр судургу буолар.
- Аҕыйах үчүгэй муодаттан тахсыбат (базовай) таҥастаах буолуохха наада. Ону араастаан дьүөрэлиэххэ сөп. Мин ардыгар ийэм ыскаабыттан таҥнааччыбын. Булуускаларын араас таҥаска тутан кэтээччибин.
- Сөптөөх атах таҥаһа киһиэхэ эрэллээх буолууну биэрэр, туттарын-хаптарын кытары уларыйар. Онон, сөбүлүүр уонна бэйэҕитин үчүгэйдик сананар атаххыт таҥаһын кэтиҥ.
- Аксессуар ханнык баҕарар судургу уобараһы тупсарар уратылаах. Мин “клатч” хаппардары ордоробун. Мал-сал уктарга улахан туһата суохтар эрээри уобараһы ситэрэн-хоторон биэрэллэр.
- Бюстгалтер быата маайка таһынан көстөрүттэн кыбыстымаҥ. Кини таҥас биир көрүҥэр киирсэр. Кистиир, силикон быаны туттар наадата суох.
- “Хайдах эрэ таҥынным”, “дьон күлүө”, “бу таҥас миигин уотан көрдөрөр” дииртэн туттунар ордук. Оннук толкуй ханнык баҕарар кэрэ уобараһы буортулуур. Саамай сүрүн кистэлэҥ — эрэллээхтик тутта-хапта сылдьыы. Оннук сырыттахха таҥас барыта барсар буолуоҕа.
- Спордунан, чэбдигириинэн дьарыктаныҥ. Эти-сиини эрчийии санаа түһүүтүн эмтиир дьайыылаах. Эрчиллэр киһи ис-тас туруга бөҕө уонна үтүө буолар.
Ленаҕа сүбэлэрин иһин махтанабын. Дьахтар сааһыттан тутулуга суох — кэрэ. Саас диэн сыыппара эрэ, ким даҕаны маанытык, уратытык таҥнары боппотоҕо. Ис турукпут тугу сипсийэринэн, баҕа санаабыт салайарынан таҥныахха. Биһиги бэйэбитин таптыыр, дьолунан толору буоллахпытына чугас дьоммут эмиэ дьоллоох буолуохтара, дьиэ иһэ сырдыа, барыта этэҥҥэ буолуо.