24/04/2023 г.

Эбэм Парасковья Саввична  Собакина 1916 сыллаахха  Чурапчы улууһун Мэлдьэхси нэһилиэгэр  төрөөбүтэ. Бу киниттэн  хаалбыт сахалыы остуол буолар. Эбэм  хос эһэтэ уус эбит, кини таҥара остуола диэн ааттаан оҥорбута үһү. Бу остуолга былыр оҕолору сүрэхтииллэр эбит. Тоһоҕото   барыта мас, олус бөҕө оҥоһуулаах буолан,  күн бүгүҥҥэ диэри туруга үчүгэй.

 

Сардаана Сыромятникова, Дьокуускай.