Рубрика: Ийэ тыл сүмэтэ

16/01/2024 г.

Таҥха ол эбэтэр «Таҥханы иһиллээһин» сахаларга тохсунньуга буолар таайтарыылаах кэм. Биһиги өбүгэлэрбит бу бириэмэҕэ туох буоларын иһиллиэххэ сөп диэн итэҕэйэллэрэ, инникини билиэн-көрүөн баҕалара биллэ улаатара. Сахалар үгүс таайар ньымалара нуучча норуотун «Святки» саҕанааҕы сэрэбиэйдэригэр сөп түбэһэр. Таайар ньымалар араас буолар. Оттон биһиги Таҥха оонньууларын туһунан төһө билэбит.

https://ulus.media/