Рубрика: сонун

29/02/2024 г.

2015 сыллаахха сэттис төгүлүн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» күрэс  кыайыылааҕа, Томпо улууһун Кэскил бөһүөлэгин олохтооҕо, биэс оҕо күн күбэй ийэтэ, хас да сиэн эйэҕэс  эбээтэ Татьяна Ворогушина «Женщины: сохраняем традиции – развиваем Россию» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа кыттар.

Кулун тутар 5-6 күннэригэр Федерация Сэбиэтэ ыытар форумугар дойду бары эрэгийиэннэриттэн араас идэлээх дьахталлар кыттыахтара. Саха сириттэн Томпо оройуонун Кэскил орто оскуолатын учуутала Татьяна Ворогушина кыттар.

Төһө да технологическай сайдыы түргэн тиэмпэнэн иннин диэки баран истэр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр дьиэ кэргэн үгэстэрэ умнуллубаттар: укулаат, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан, үгэстэр. Саха норуотугар бу курдук үгэстэр тулхадыйбаттар: ыалдьытымсах буолуу, оҕону үлэҕэ уһуйуу, аҕам көлүөнэҕэ ытыктабыллаах сыһыан…