Рубрика: сонун
Аҕыйах сыллааҕыта Ыксаллаах быһыы-майгы сулууспата төлөппүөҥҥэ сыһыарыы таһаарбыта. Бу сыһыарыы сэрэтэр, ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэҕинэ көмөлөһөр соруктаах. Ханнык региоҥҥа олороргуттан онно сыһыаннаах биллэриилэри ыытар. Холобура, күүстээх тыал түһүөхтээҕин сэрэтэр.
Араас дьалхааҥҥа түбэстэххэ көмөлөһөр, маҥнайгы көмөнү оҥорорго, араас ыксаллаах түгэннэргэ түбэстэххэ үөрэтэр сыһыарыылардаах. Суһал көмөнү ыҥырар нүөмэрдэр ыйылла сылдьаллар. Ону таһынан, Арассыыйа ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин официальнай интернет-порталын страницатыгар тута киириэххитин сөп.
Туһалаах сыһыарыыны төлөппүөҥҥэр хачайдыаххын сөп: https://apps.apple.com/ru/app/мчс-россии/id1530044766 — iOS (Айфон)
https://play.google.com/store/apps/details?id=io.citizens.security&hl=ru&gl=US — Android