Рубрика: Тыа сирэ
Чуукаар нэһилиэгэр Июлия Илларионовна Федорова салайааччылаах мини-бэкээринэ кэлэктиибин астаабыт килиэбин нэһилиэнньэ хамаҕатык атыылаһар. Дьон-сэргэ олохтоох бэкээринэ үлэтин астыналларын биллэрэллэр.
Учуутал идэлээх Июлия Илларионовнаны кытта кэпсэтиибин эһиги болҕомтоҕутугар тиэрдэбин.
– Июлия Илларионовна, сахалыы сиэринэн, хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин билиһиннэриэҥ дуо?
– Аҕам Илларион Данилович, ийэм Татьяна Сергеевна Степановтар Нам улууһун киинигэр Намҥа бааллар, иккиэн Чуукаартан төрүттээхтэр. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. 2000 сыллаахха, биһиги кыра эрдэхпитинэ, Намҥа көһөн барбыттара. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт, убайым Рустам, эдьиийим Паша, быраатым Коля үһүөн Намҥа олохсуйан олороллор, ыаллар. Мин үөрэхпин бүтэрэн, төрөөбүт дойдубар оскуолаҕа практикалана кэлэн баран, үргүлдьү хаалбытым. Бары араас идэни талан үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
– Урбаан эйгэтигэр хайдах үлэлээн саҕалаабыккыный?
– Идэбинэн математика учууталабын. Аҕыс сыл Чуукаар орто оскуолатыгар учууталынан, кэнники үс сылга “Чуукаар нэһилиэгэ“ МТ исписэлииһинэн, экономиһынан үлэлээбитим. Нэһилиэкпитигэр бэкээринэ сабыллыбытыгар ИП буолуон сөптөөх, бэкээринэ аһан үлэлэтиэхтэрин сөп диэбит дьоммутун көрдөөбүппүт. Талбыт кандидатураларбыт араас биричиинэнэн аккаастааннар, бэйэм ИП тэринэргэ санаммытым. Муниципальнай сулууспалаах үлэһит буоларым быһыытынан миэхэ ИП буоларым көҥүллэммэт этэ. Ол иһин үлэбиттэн уурайбытым. Маҥнай саҕалыырбытыгар улахан ыарахаттары көрсүбэтэхпит.
Благовещенскай куораттан сакаастаан аҕалтарбыт тэриллэрбитин, тутуу матырыйаалларын тиэйиигэ-таһыыга, дьиэбитин оҥосторбутугар күүс-көмө буолбуттара. Биһигини өйөөбүт бары аймахтарбытыгар махталбыт муҥура суох. Дьаһалтаҕа үлэлээбит уопутум докумуоннары толорууга туһалаабыта. Ньурбаҕа дьоҕус биисинэс сайдарын туһугар оройуон дьаһалтата ИМБТ бырагырааманан нэһилиэктэргэ үгүөрү үбү, нэһилиэк дьаһалтата субсидия көрөннөр, урбаанынан саҥа дьарыктанааччыларга улахан өйөбүл буолбуттара. Манна эбии бэйэбит үппүтүн туттан саҕалаабыппыт.
– Биисинэск э үлэлээччилэр сорохторо дьаҥ ыарыыта туран тохтуурга күһэлиннилэр, эһиэхэ бу кэм охсуута хайдаҕый?
– Бэкээринэ үлэтэ биир кэмник баран иһэр. Нэһилиэнньэни буруолуу сылдьар сибиэһэй килиэбинэн, атын бурдук астарынан хааччыйабыт. Арай таһаҕас кэлиитигэр-барыытыгар кыра харгыстары көрсүбүппүт. Бэкээринэбит ороскуотун бэйэбит үлэбитинэн сабан олоробут. Килиэптэн киирбит харчынан “Якутопторг“ хампаанньаттан субсидиялаах, сыллааҕы быыссай суортаах бурдугу атыылаһабыт. Тэриллэрбит бары уотунан үлэлиир буоланнар, ыйга ортотунан уонча тыһыынча солкуобайы төлүүбүт, үлэһиттэрбитин хамнастыыбыт. Бэкээринэбитигэр урукку өттүгэр үлэ миэстэтинэн хабыллыбатах, үйэлэригэр килиэп астаабатах, Чуукаарга кийиит буолан олорор кыргыттар эмиэ үлэлииллэр. Бастаан саҕалыырбытыгар урут биэкэрдии сылдьыбыт, оскуолаҕа поварынан үлэлээбит Варвара Ивановна Васильева үлэһиттэрбэр сүбэ-ама биэрэн, килиэп астыырга үөрэппитэ. Ис-тас үлэбитигэр дьиэ кэргэнинэн кыттабыт, кэргэним бырааттара көмөлөһөллөр. Сиэн быраатым Никита Иннокентьев таһаҕас таһарга көмөлөһөрүн таһынан, кыһыҥҥы тымныыларга оһох оттон кыстыгы этэҥҥэ туораатыбыт. Күҥҥэ 140 килиэп, билигин үс-түөрт эргийии тахсар, ол эбэтэр күҥҥэ ортотунан 200 килиэп буһар.
– Июлия Илларионовна, дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэххэ.
– Кэргэним Егор Прокопьевич электромонтер идэлээх, РЭС-кэ үлэлиир. Ыал буолбуппут сэттис сыла, алта саастаах уол оҕолоохпут, иккиспитин бу сайын күүтэбит. Кэргэним ийэтэ Анна Егоровна Федорова Чуукаар олохтооҕо, билигин биэнсийэҕэ олорор. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөлэр. Төрөппүттэрбит – саамай тутаах, көмө дьоммут буолаллар. Бэкээринэбит үлэтин саҕалыырбытыгар төрөппүттэрбит көмөлөрө, өйөбүллэрэ улахан оруоллаах. Бастаан бэкээринэбитин арыйыахпыт иннигэр бэйэбит килиэп, ботуон астаан боруобалыыр этибит. Дьиэ кэргэҥҥэ тапталтан ураты өйдөһүү, өйөһүү баар буолуохтаах. Өйдөспөт кэмнэр хаһан баҕар баар буолуохтарын сөп эрээри, киһи олорорун тухары элбэххэ үөрэнэр, уопутурар.
Дьиэ кэргэн биир сыаллаах-соруктаах, дьарыктаах буоллаҕына, бэйэ икки ардыгар ордук чугас сыһыан үөскүүр. Оҕобутун кытта үһүөн бииргэ сылдьарбыт биһигини ордук чугаһатар курдук. Уолбутун кыра сааһыттан илдьэ сылдьан маска, окко үлэлиибит, булка сылдьабыт. Дьыл ханнык баҕар кэмигэр айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Дьиэҕэ олорор буоллахпытына ас арааһын астанан бириэмэбитин атаарабыт. Кэргэним Егор Прокопьевич “Киһи сатыырын биһиги да сатыахтаахпыт“ диэн тыллаах. Уһанан да туруохпутун сөп. Лобзигынан быһан дьиэбит иһин-таһын бэйэбит оҥостубуппут. Сакааска торт астыыр этибит, кэргэним үлэтин быыһыгар көмөлөһөөччү, билигин солото суох буолан тохтоон сылдьабыт. Санаабытыгар олох күн бокуойа суох дьоммут.
– Инники өттүгэр туох былааннааххытый?
– Сайын бэкээринэбитин кэҥэттиэхпитин, биэкэр кыргыттары үөрэттэрэн минньигэс ас арааһын оҥорон атыылыыр былааннаахпыт.
Ити курдук, Федоровтар бэйэлэрин олорор сирдэригэр дьарыктарын булунан, нэһилиэк олохтоохторун сибиэһэй килиэбинэн хааччыйарга туруулаһан үлэлииллэрэ атыттарга холобур буолуон сөп.
Антонина Семенова, суруналыыс, Ньурба.