Рубрика: Сандалы
Сандалы рубрика ыалдьыта Уйгулана Маркова ураты, сонун бүлүүдэлэрин ырысыабын үллэстэр.
Цезарь ролл
Ирдэнэр: Куурусса түөһэ – 2
Тортилья эбэтэр лаваш — 6-7
Маҥан килиэп
Сыр – 150 г (пармезан ордук)
Помидор – 2
Салаат сэбирдэҕэ
Хатарыллыбыт чеснок
Олива арыыта
Туус, биэрэс, паприка
Куурусса этин уһун синньигэс гына кырбаа. Туустаа, тумалаа, арыынан сот уонна кураанах хобордооххо икки өттүттэн саһарыар диэри хооруй. Буспут кууруссаны илиигинэн этин сааһынан араар. Килиэби кыра гына кырбастаа, тумалаа, арыыта кут уонна эмиэ кураанах хобордооххо, биитэр духуопкаҕа туруор.
Соуска ирдэнэр:
Майонез – 200 мл
Соя соуһа – 4 ост. нь.
Сибиэһэй эбэтэр хатарыллыбыт чеснок 1 уст. эбэтэр 2 кыра нь.
Хартыыһа – 1 кыра нь.
Лимон уута – 1\2
Соус ингредиеннарын блендеринэн ньыһый. Помидору кырбастаа, сыыры теркаҕа аал. Лавашка/тортильяҕа улахан ньуоска соуһу бис, ол кэннэ салаат сэбирдэҕин уур, сыыры, кууруссаны, помидору, килиэби уур уонна эмиэ кыра соуста кут. Ролл курдук быһыылаахтык суулаа уонна кураанах хобордооххо, эбэтэр грильга ыһаарылаа.
Кууруссалаах тэллэйдээх киш
Тиэстэтэ:
Бурдук – 230 г
Ынах арыыта – 150 г
Сымыыт – 1
Кымаах туус
Туолбата:
Куурусса түөһэ – 300 г
Шампиньон – 300 г
Сиидэлэммит бурдукка тууһу кутан булкуй. Тымныы арыыны кыра гына кырбастаа уонна туустаах бурдукка кут. Бытархай гына илдьирит. Сымыыты кутан тиэстэни мэһий.
Бастаан кыра гына кырбаммыт луугу мас арыытыгар ыһаарылаа, ол кэннэ кууруссаны, тэллэйи холбоо. Туустаа, тумалаа. Бэлэм тиэстэни үрдүк буһарар иһиккэ тэнитэ уур,
биилкэнэн тэһитэ анньыалаа. 200 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 10 мүнүүтэ туруор. Бүрүйэ кутууга сүөгэйи сымыыты тууһу кытта ытый. Манна сөбүлүүр тумаҕын кутуоххун сөп. Саһарбыт тиэстэҕэ начыыны, үрдүгэр бүрүйэ кутууну кут, аалыллыбыт сыыры уонна помидору уур. 200 кыраадыска диэри итийбит оһоххо 30 мүнүүтэ буһар.
Биэрэстээх помидордаах борyoк
Тиэстэҕэ:
Бурдук – 2 ыстакаан
Сылаас уу – ыстакаан аҥара
Доруоһа – 2 кыра нь.
Туус – кыра нь.
Начыыҥҥа:
Кыһыл биэрэс – 2
Помидор – 2
Кыһыл луук – ½
Олива арыыта
Туус, биэрэс
Киэргэтиигэ базилик
Кыра ууга доруоһаны кутан булкуй. Хаалбыт ууну, тууһу, бурдугу кут. Сылаас сиргэ чаас аҥара туруора түс. Помидору икки аҥы кырбастаа, биэрэһи, луугу төкүнүк быстаҕастыы. Тиэстэни пицца киэнин курдук чараас гына тэнит. Бастаан оҕуруот аһын уур, туустаа, тумалаа, олива арыытын кут. 180 кыраадыска диэри сылыйбыт оһоххо 40 мүнүүтэ буһар.
«Песто» соус
Сибиэһэй базилик (петрушка буолуон сөп) – 20 г
Чеснок – ½
Кедр эриэхэтэ – 8 г
Олива арыыта – 40 мл
Пармезан сыр – 40 г
Лимон суога – 1 улахан нь.
Кымаах туус.
Дириҥ иһиккэ чосунуок аҥарын, эриэхэни кутан ньыһый. Манна базилигы эбэтэр петрушканы, аалыллыбыт сыыры, олива арыытын, лимон суогун, тууһу кутан барытын блендеринэн ньыһый.