Рубрика: Сандалы
“Далбар Хотун” истиҥ дьүөгэтэ Светлана Саргыдаева иэдьэгэйдээх тиэстэттэн астаммыт минньигэс ырысыаптарын үллэстэр. Кини аан бастаан бэчиэнньэ буһаран көрбүт. Ол кэннэ судургутун, түргэнник оҥоһулларын сэргээн араас аһы астаан боруобалаабыт. “Тиэстэҕэ саахары куппатахха бэрэски, пицца, оҕуруот астаах галета бэркэ табыллар”, — диэн кэпсиир.
Корицалаах эриллэҕэстэр
Тиэстэтэ:
- Иэдьэгэй — 180 г
- Саахар — 100 г
- Ириэнэх ынах арыыта — 100 г
- Сымыыт — 2 устуука
- Кымаах туус
- Суода — 0,5 кыра ньуоска
- Бурдук — 2,5 ыстакаан
Туолбата:
- Мэлиллибит корица — 3 улахан ньуоска
- Саахар — 3 улахан ньуоска
Биһилигэ:
- Сүөгэй эбэтэр үүт үрдэ — 1 ыстакаан
- Саахар — 2 улахан ньуоска
Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, сымыыты, тууһу, суоданы, саахары, арыыны, бурдугу холбуу кут. Тиэстэ илиигэ сыстыа суохтаах. 0,5-1 см халыҥнаах, көнө түөрт муннук гына тэлгэт. Корицаны уонна саахары бииргэ буккуйан баран тиэстэ үрдүгэр кут. Онтон рулет курдук эрий уонна 3 см гына-гына бысталаа. Эриллэҕэстэри тимир лиискэ уурталаан 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ буһар. Сүөгэйи саахары кытта буккуйан баран сылаас эриллэҕэстэр үрдүлэригэр кут.
Икки устуука галета
Тиэстэ:
- Иэдьэгэй — 180-200 г
- Саахар — 100 г
- Ынах арыыта — 100 г
- Кымаах туус
- Сымыыт — 1 устуука
- Ванилин — быһах төбөтүгэр
- Бурдук — 2-2,5 ыстакаан
- Суода — 0,5 кыра ньуоска
Туолба:
- Абрикос — 500 г
- Кыра саахар
- Биһэргэ сымыыт — 1 устуука
Сымыыты, иэдьэгэйи, саахары, ванилины холбоо. Ириэнэх ынах арыытын, бурдугу, суоданы эбэҥҥин тиэстэни мэһий. Тиэстэни икки галета тахсарын курдук аҥаардаа. Арыынан биһиллибит пергаментнай кумааҕыга, тиэстэни 1 см тиийбэт халыҥнаах төкүнүк гына быһыылаан тэлгэт. Ортолоругар уҥуоҕуттан ыраастаммыт абрикостары уурталаа, үрдүлэригэр саахары кут. Тиэстэлэр кытыыларын хомуйан, тупсаҕай гына быһыылаа уонна сымыыт уоһаҕынан сот. 200-220 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 15-20 мүнүүтэ саһарыар диэри буһар.
Көмүс истээх рогаликтар
- Иэдьэгэй (“Молочный дождик”) — 2 хаа
- Сымыыт — 2 устуука
- Саахар — 0,5 ыстакаан
- Ууллубут ынах арыыта эбэтэр мас арыыта — 0,5 ыстакаан
- Кымаах туус
- Суода — 1 кыра ньуоска
- Бурдук — 3 ыстакаан
- Абрикос джем — 1 бааҥка
- Биһэргэ сымыыт — 1 устуука
Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, суоданы, тууһу эбэн буккуй. Сымыыты, сахаары, арыыны, сиидэлэммит бурдугу кутан тиэстэни илиинэн мэһий. Онтон 3 мм халыҥнаах гына тэлгэт. Улахан тэриэлкэ көмөтүнэн төкүнүк гына быс. Төкүнүгү аҕыс үс муннук буоларын курдук аҥаардаа. Үс муннук тиэстэ үрдүгэр кыра ньуосканан абрикос джемын кут уонна суулаа. Рогаликтары сымыытынан сотон баран, 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ саһарчы буһар. Сып-сымнаҕас, минньигэс рогаликтар бэлэмнэр.
Отонноох бөрүөк
- Иэдьэгэй (“Молочный дождик”) — 180 г
- Сымыыт — 2-3 устуука
- Саахар — 0,5 ыстакаан
- Мас арыыта — ¼ ыстакаан
- Туус — 0,5 кыра ньуоска
- Суода — 1 кыра ньуоска
- Бурдук — тиэстэ төһөнү ыларынан
- Ханнык баҕар хойуу барыанньа, повидло, джем.
Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, барытын бииргэ кутан баран, тиэстэни илиигинэн мэһий. Илиигэ сыстыбат буолуохтаах. Халыыбы тоҥ ынах арыытынан сот, тиэстэ улахан аҥаарын тэлгэт, үрдүгэр хойуу барыанньаны тарҕат. Ордубут тиэстэнэн киэргэт. Бөрүөгү 180 кырадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 15-25 мүнүүтэ буһар.