Рубрика: Сандалы
26/09/2022 г.
- Сымыыт — 3 устуука
- Бурдук — 200 г
- Ынах арыыта — 130 г
- Саахар — 150 г
- Иэдьэгэй — 200 г
- Разрыхлитель (көпсөтөр) — 8 г
- Туус — 1 кымаах
- Ваниллаах саахар — 1 кымаах
Астааһына:
- Ынах арыытын саахары кытта ньыһый, сымыыттары биирдиилээн кут.
- Тууһу, ваниллаах саахары, иэдьэгэйи эбэн биэр.
- Көпсөтөрү, бурдугу кутаҥҥын үчүгэйдик булкуй.
- Тиэстэни халыыптарга 2/3 гына кутуталаа. 180 кыраадыска диэри сылыйбыт оһоххо 30 мүнүүтэ буһар.
- Буспут кекстэри саахар буударатынан, сүөгэйинэн, бытарытыллыбыт эриэхэнэн уонна изюмнарынан киэргэт.
ДОРУОҺАТА СУОХ ТИЭСТЭТТЭН БЭРЭСКИ
- Ынах арыыта — 100 г
- Бурдук — 2 ыстакаан
- Суода — 3/4 кыра ньуоска
- Туус — 1/2 кыра ньуоска
- Уу — 1/2 ыстакаан
Туолба:
- Ириис — 1/2 ыстакаан
- Эриллибит эт — 400 г
- Эриэппэ луук — 1 устуука
- Туус, биэрэс — сөбүлүүргүнэн
- Сымыыт уоһаҕа (билииккэ) — 1 устуука
Астааһына:
- Бурдукка суоданы уонна тууһу кутаҥҥын булкуй. Кыра гына кырбастаммыт ынах арыытын эбэҥҥин тиэстэни илиигинэн мэһий. Илиигэ сыстыбат, сымнаҕас тиэстэ тахсыахтаах. Чаас аҥара морозильникка сытыар.
- Ирииһи буһар. Арыыга эриэппэ луугу уонна эти ыһаарылаа. Барытын холбоо.
- Тиэстэни 15 өлүүскэҕэ араар. Хас биирдиитин туолбалаа. 190 кыраадыска диэри сылыйбыт оһоххо 20-25 мүнүүтэ буһар.
ХАППЫЫСТАТТАН БӨРҮӨК
- Сымыыт — 3 устуука
- Бурдук — 200 г
- Суорат — 150 мл
- Сүөгэй — 2 улахан ньуоска
- Туус — 1 кымаах
- Суода — 0,5 кыра ньуоска
- Хаппыыста — 0,5 кг
- Моркуоп — 1 устуука
- Эриэппэ луук — 1 устуука
Астааһына:
- Сымыыты, суораты, сүөгэйи, тууһу, суоданы, бурдугу — барыларын холбоотоххуна убаҕас соҕус тиэстэ тахсыахтаах.
- Аалыллыбыт моркуобу, кыра гына кырбаммыт луугу ыһаарылаа. Онно кырбаммыт хаппыыстаны уонна 2 улахан ньуоска ууну кутан биэр, буһар. Тууһаа, лимон сүмэһининэн ыстар.
- Халыыбы арыынан сотон баран тиэстэ аҥарын кут, олүрдүгэр хаппыыста туолбатын тарҕат уонна ордубут тиэстэни үрдүгэр халыт.
- 180 кыраадыска диэри сылыйбыт оһоххо 25 мүнүүтэ кэриҥэ буһар.
ХОРТУОПУЙ НАЧЫЫННААХ БИЛИИНЭЛЭР
- Саахар — 3 улахан ньуоска
- Сымыыт — 3 устуука
- Суода — 1 кыра ньуоска
- Туус — 1 кыра ньуоска
- Суорат — 0,5 л
- Итии уу — 0,5 л
- Бурдук — 15-16 улахан ньуоска
- Мас арыыта — 4 улахан ньуоска
Туолба:
- Хортуоп пуй
- Эриэппэ луук
- Күөх луук
- Укроп
Астааһына:
- Сымыыты, саахары, тууһу, суоданы бииргэ булкуй.
- Итии ууну үрдүгэр кут.
- Бурдуктаа, үчүгэйдик булкуй.
- Суораты уонна мас ырыытын эбэн биэр.
- Чараас гына арыынан биһиллибит хобордооххо биир-биир астаа.
- Хортуопуйу ууга буһар, тууһаа, ньыһый. Эриэппэ луугу ынах арыытыгар ыһаарылаа. Укуруобу, сибиэһэй күөх луугу эбэн биэр.
- Билиинэни туолбалаа, мөһөөччүк курдук быһыылааҥҥын күөх луугунан баайыаххын сөп.
Татьяна ПЕСТРЯКОВА