Рубрика: Сандалы
27/12/2023 г.
Саҥа дьылга судургутук астанар балыктаах «круассаннары» оҥостуоххутун сөп.
- Араҥалаах тиэстэ (слоеное тесто)
- кыһыл тууһаммыт балык
- иэдьэгэй сыыр (творожный сыр)
- салат сэбирдэҕэ. Тиэстэни үс муннук гына бысталыыбыт уонна суулаан баран духовкаҕа буһарабыт. Үрдүн сымыытынан сотуохха сөп. Буспутун кэннэ быһаҕынан ортотунан аҥаардыыбыт уонна иэдьэгэй сыырынан биһэбит. Ол үрдүгэр салат сэбирдэҕин, балыгы уурабыт. Круассан аҥарын үрдүгэр ууран баран кырачаан үтэһэ маһынан туттаран биэрэбит. Түргэн, остуолга үчүгэйдик көстөр уонна минньигэс ас бэлэм.