Рубрика: Сандалы
“Далбар Хотун” истиҥ дьүөгэтэ Светлана Саргыдаева иэдьэгэйдээх тиэстэттэн астаммыт минньигэс эрэссиэптэрин үллэстэр. Кини бу тиэстэнэн аан бастаан бэчиэнньэ буһарбыт. Ол кэннэ судургутун, түргэнник оҥоһулларын сэргээн араас аһы астаан боруобалаабыт. Светлана: “Тиэстэҕэ саахары куппатахха бэрэски, пицца, оҕуруот астаах галета бэрткэ табыллаллар”, — диир.
Отонноох бөрүөк
Иэдьэгэй (“Молочный дождик”) — 180 г
Сымыыт — 2-3 устуука
Саахар — 0,5 ыстакаан
Мас арыыта — ¼ ыстакаан
Туус — 0,5 кыра ньуоска
Суода — 1 кыра ньуоска
Бурдук — тиэстэ төһөнү ыларынан
Ханнык баҕарар хойуу барыанньа, повидло, джем.
Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, барытын бииргэ кутан баран, тиэстэни илиигинэн мэһий. Илиигэ сыстыбат буолуохтаах. Халыыбы тоҥ ынах арыытынан сот, тиэстэ улахан аҥаарын тэлгэт, үрдүгэр хойуу барыанньаны тарҕат. Ордубут тиэстэнэн киэргэт. Бөрүөгү 180 кырадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 15-25 мүнүүтэ буһар.
Көмүс истээх рогаликтар
Иэдьэгэй “Молочный дождик” — 2 хаа
Сымыыт — 2 устуука
Саахар — 0,5 ыстакаан
Ууллубут ынах арыыта эбэтэр мас арыыта — 0,5 ыстакаан
Кымаах туус
Суода — 1 кыра ньуоска
Бурдук — 3 ыстакаан
Абрикос джем — 1 баанка
Биһэргэ сымыыт — 1 устуука
Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, суоданы, тууһу эбэн буккуй. Сымыыты, сахаары, арыыны, сиидэлэммит бурдугу кутан тиэстэни илиинэн мэһий. Тиэстэни 3 мм халыҥнаах гына тэлгэт. Улахан тэриэлкэ көмөтүнэн төкүнүктэ бис. Төкүнүгү аҕыс үс муннук буоларын курдук аҥаардаа. Үс муннук тиэстэ үрдүгэр кыра ньуосканан абрикос джемын уур, суулаа. Рогаликтары сымыытынан бим уонна 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүн. саһарчы буһар. Сып-сымнаҕас, минньигэс рогаликтар бэлэмнэр.
Корицалаах эриллэҕэстэр
Тиэстэтэ:
Иэдьэгэй — 180 г
Саахар — 100 г
Ириэнэх ынах арыыта — 100 г
Сымыыт — 2 устуука
Кымаах туус
Суода — 0,5 кыра ньуоска
Бурдук — 2,5 ыстакаан
Туолбата:
Мэлиллибит корица — 3 улахан ньуоска
Саахар — 3 улахан ньуоска
Биһилигэ:
Сүөгэй эбэтэр үүт үрдэ — 1 ыстакаан
Саахар — 2 улахан ньуоска
Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, сымыыты, тууһу, суоданы, саахары, арыыны, бурдугу холбуу кут. Тиэстэ илиигэ сыстыа суохтаах. 0,5-1 см халыҥнаах көнө түөрт муннук гына тэлгэт. Корицаны уонна саахары бииргэ буккуйан баран тиэстэ үрдүгэр таммалат. Рулет курдук эрий уонна 3 см гына-гына бысталаа. Эриллэҕэстэри тимир лиискэ уурталаан 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ буһар. Сүөгэйи саахары кытта буккуйан баран сылаас эриллэҕэстэр үрдүлэригэр кут.
Светлана Саргыдаева