Рубрика: Сандалы

26/09/2022 г.

БАСТАКЫ  БЫЫРПАХ

  • Быырпах — 1 ыстакаан
  • Иэдьэгэй уута — 2 л.
  • Уу — 1 л.
  • Саахар — сөбүлүүргүнэн.

ИККИС  БЫЫРПАХ

  • Быырпах — 1 ыстакаан
  • Суорат — 1 ыстакаан
  • Уу — 3 л.
  • Саахар — сөбүлүүргүнэн.

Астааһына:

  1. Барытын кутан баран күүгэннириэр диэри ытый, хаппахтаа. Биир суукка хос сылааһыгар туруор. Сойут. Утах иһэргэ бэлэм буолар.

 

Лимоннаах, оҕурсулаах утах

  • Уу — 1 л.
  • Оҕурсуу — 1 устуука
  • Лимон — 1 устуука
  • Мята сэбирдэҕэ — сөбүлүүргүнэн.

Астааһына:

  1. Оҕурсууну төгүрүктүү кырбаа, лимонтан симэһинин ыган ыл, мята сэбирдэҕиттэн кут, уулаа, булкуй уонна сойуор диэри тымныыга туруор. Иһэргэр муустаа. Минньигэһи сөбүлүүр буоллаххына саахар эбиэххин сөп. Киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Утаҕы ханнарар, эккин-сииҥҥин ыраастыыр, битэмииннэрдээх уонна ырарга көмөлөһөр уратылаах. Астааһына да судургу.

Кабачоктан фритатта

  • Эриэппэ лук — 1 устуука
  • Кабачок — 500 г.
  • Моркуоп — 0,5 устуука
  • Сымыыт — 3 устуука
  • Сыыр — 100 г.
  • Үүт — 0,5 ыстакаан
  • Күөх тума, туус, биэрэс
  • Мас арыыта

Астааһына:

  1. Түөрт муннуктуу кырбаммыт луугу, аалыллыбыт моркуобу кыратык арыылаах хобордооххо бэйэтин симэһинигэр сымныар диэри буһар. Солуомалыы кырбаммыт кабачогу эбэҥҥин өссө 5 мүнүүтэ устата туруор. Сымыыты үүтү кытта булкуй, сыырдаа, укроптаа, туустаа-тумалаа уонна буһа турар оҕуруот аһыгар кут. Бэлэм буолуор диэри хобордооххо ыһаарылаа эбэтэр 15-20 мүнүүтэ духуопкаҕа уган буһар.

Абрикостаах бөрүөк

  • Ынах арыыта — 180 г.
  • Сымыыт — 2 устуука
  • Саахар — 0,5 ыстакаан
  • Бурдук — 3 ыстакаан
  • Туус — кымаах
  • Суода — 0,5 кыра ньуоска
  • Отон эбэтэр атын хойуу барыанньа — 6 улахан ньуоска
  • Абрикос.

Астааһына:

  1. Сымнаабыт арыыны, сымыыты, саахары ньыһый. Туус, суода, бурдук кутаҥҥын тиэстэни мэһий. Тиэстэ 3/1 өлүүтүн морозильникка чаас аҥара тоҥор. Хаалбыт өлүүнү халыыпка тэнит, барыанньата таһынан тахсыбатын курдук үрдук соҕус хаймыылаа. Барыанньалаа, морозильникка турбут тиэстэни терканан аалаҥҥын кут. Абрикостары аҥаардааан, бысталаан баран бөрүөк үрдүгэр уурталаа. 180 кыраадыска диэри буспут духуопкаҕа 30-40 мүнүүтэ буһар.

Татьяна ПЕСТРЯКОВА