Рубрика: Сандалы
Доруоһалаах тиэстэни охсорго дьиэ иһигэр сыппыт бородууктаны туттар
ордук. Тымныыттан хостоммут бородуукта тиэстэ тахсарын бытаардар.
Тиэстэни кураанах илиигинэн мэһий.
Бөрүөк тиэстэтин оһоххо угуон иннинэ 15-20 мүнүүтэ туруора түс.
Бөрүөк сымнаҕас буолуон баҕарар буоллаххына, тиэстэтигэр сымыыт
уоһаҕын эрэ кутаҕын.
Изюму тиэстэҕэ кутуоҥ иннинэ бурдукка булкуйаҕыҥ
Бөрүөгү хаппахтаах туой иһиккэ уга сырыттахха өр курсуйбат.
Бөрүөк начыына убаҕас буоллаҕына 2, 3 улахан ньуоска бытарытыллыбыт
суухараны, эбэтэр крахмалы кутуоххун сөп.
Эриллибит эккэ килиэп оннугар ытыйыллыбыт сымыыт үрүҥүн, эбэтэр
аалыллыбыт кабачогу кутуохха сөп.
Иккис партия бэчиэнньэни оһоххо угуон иннинэ буһарар иһиккин сойут. Тиэстэни сылаас
иһиккэ уурдаххына бэчиэнньэ быһыыта алдьанар уонна хоруорар.
Маффин, кекс астыырга халыыпка тиэстэ тиийбэтэх хайаҕаһыгар уута кут. Оччоҕуна
халыып быһыыта алдьаммат.
Бөрүөгү буспутун кэннэ таннары ууран сойуттаххына үрдэ көнө буолар.
Сылаас десерты быһарга быһаҕы аҕыйах мүнүүтэ морозильникка ук, онтон тымныы
десерты быһарга быһаҕы сылаас ууга уган ылаҕын.
Тиэстэ мэһийэргэ биир сымыыт оннугар банаан аҥарын туһаныахха сөп.
Татьяна Пестрякова хаартыскаҕа түһэриитэ