Рубрика: Сандалы
Биһиэхэ наада:
Бэлэм, араҥалаах тиэстэ (слоенай) — 1 хаа
Сосиска — 1 кг
сымыыт — 1 устуука
Кунжут — 1 хаа
Тиэстэни ириэрэн баран кыратык хаптатан биэрэбит, уһун синньигэс гына бысталыыбыт уонна сосискалары эргиччи суулуубут. Сууламмыт аспыт үрдүн сымыытынан биһэбит, үрдүгэр кунжут таммалатабыт. 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа саһарыар диэри буһарабыт. Ардыгар, оҕолор кунжут баарын сөбүлээбэттэр, онон онтуойа да суох астыахха сөп.