Рубрика: Ийэ муннуга
«ХАТ ДЬАХТАР ХАРЫҺА» (М. Н. Андросова — Ионова) салгыыта.
9. Хат дьахтар айаҕа өлбүт кыыл тириитин, уҥуоҕун, түүтүн тэпсибэт. Тэбистэҕинэ — кыылдьыт киһи кыыла ханнар. Кыыл байанайа бытаҕырҕаан булчут хардаҕаһыгар-айатыгар чугаһаппат.
10. Тобугу сиэбэт, сиэтэҕинэ төрүүрүгэр тобуга тобуктатыа суохтаах.
11. Сүөһү кыбыытын (самаҕын) сиэбэт, сиэтэҕинэ төрүүрүгэр самаҕа хапчыйан, оҕото түһүө суохтаах.
12. Күөс кэһиэҕин сиэбэт, сиэтэҕинэ оҕотун ийэтэ уталыйыахтаах — хаалыахтаах.
13. Сүөһү таалын сиэбэт, сиэтэҕинэ төрүүрүгэр таала анньар.
14. Сордоҥ баһын сиэбэт, сиэтэҕинэ сордоҥ курдук сырааннаах оҕо төрүөхтээх.
15. Сыалыһары сиэбэт — сыалыһар курдук салыҥнаах оҕо төрүө диэн.
16. Өрбүт күөһүн оннун сабыах тустаах. Саппатаҕына күөһүн оннунан оҕону сиир абааһы күөрэйиэхтээх.
17. Балыгы, эти уокка үтэн сиэ суохтаах. Сиэтэҕинэ уот иччитэ бытаҕырҕаан оҕотун кэнчирэтиэхтээх (түһэриэхтээх).
18. Үчүгэй оҕо төрүө диэн быһа эппэт. Эттэҕинэ куһаҕан, чиччик (абааһы) оҕо төрүөхтээх. Салҕыы тахсыаҕа.