Рубрика: Ийэ муннуга

12/03/2024 г.

Хат дьахтар харыһа (М. Н. Андросова — Ионова).

19. Хат дьахтар үчүгэйдик төрүөм диэн быһа этиммэт, эттэҕинэ күчүмэҕэйдик оҕолонор эбэтэр кудурҕанатыахтаах (тыл суолтатын быһаарбатым).

20. Уоту атыллаабат, уот иччитэ бытаҕырҕаан оҕотун кэнчэритиэхтээх (түһэриэхтээх).

21. Эти оһоххо сыһыаран сиэбэт, сиэтэҕинэ харбыһына (оҕо ийэтэ, таҥаһа) иһигэр сыстан түһүө суохтаах.

22. Хат дьахтар этэрбэһи улларан баран, угунньа укпатаҕына, тараҕай оҕо төрүүр.

23. Атын киһилиин хоонньостоҕуна кылар эбэтэр баастаах оҕо төрүөхтээх.

24. Уот холумтаныгар үктэммэт, олорбот — оҕо куотуон сөп.

25. Дьиэ аанын боруогар, модьоҕотугар олорбот — төрүүрүгэр оҕото тахсан иһэн кыбыллан хаалар.

26. Алыс итии аһы аһаатаҕына, өҥүрдээх (эбир) оҕо төрүүр. Кыыс аҕатыгар дылы буоллаҕына — дьоллоох буолар, уол ийэтин баттаҕына — дьоллоох буолар диэн билгэлииллэрэ.

 

Сайпыт: dalbar.ru
Телеграм: https://t.me/dalbarxotyn