Рубрика: Сандалы

17/03/2023 г.

Тиэстэтэ:
• Бурдук — 235 г
• Суода — 7 г
• Туус — 1 кыра ньуоска
• Какао бороһуок — 65 г
• Саахар — 300г
• Сымыыт — 2 устуука
• Ынах арыыта — 60 г
• Мас арыыта — 60 г
• Үүт — 260 мл
• Виноград ууксуһа — 1
улахан ньуоска
Биһилигэ:
• 35% холбуйуу сүөгэй —
250 г
• Молочнай плитка
сакалаат — 200 г

• Бастаан бурдугу, суоданы, тууһу, какао бороһуогун, саа-хары бииргэ буккуй. Үрдүгэрсымыыты, ириэнэх ынах арыы-тын, мас арыытын, үүтү, ууксуһукутаҥҥын миксерынан биир кэлимсэ буолуор диэри эриттэр. Ортотунан 18 см эргимтэлээх үрдүк соҕус халыыпка 50 мүнүүтэ 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа буһар. Хостуон иннинэ мас үтэһэнэн анньан бэрэбиэркэлээ. Бискибиити сойут. Сойбутун кэннэ 3 эбэтэр 4 араҥаҕа үллэр.
• Биһилигин оҥорорго плитка сакалааты холбуйуу сүөгэйгэ тоһуталаан кут, ууллуор диэри буккуйа туран сылыт. Сүөгэй оргуйуо суохтаах. Бэлэм маассаны тымныыга таһааран сойут. Тыбыс-тымныы ганаһы миксерынан эриттэрэн хойуу кириэмнэ оҥор. Бу бискибииккэ ханнык баҕарар биһилик барар, холобура, маскарпоне уонна холбуйуу үүттэн оҥоһуллубут буолуон сөп.
• Бэлэм сойбут туорду биһилигинэн бис. Фруктанан, отоннорунан киэргэтиэххин сөп.


Юлия ПЕСТРЯКОВА