Рубрика: Сандалы

28/02/2024 г.

Уу – 1 ыстакаан

Ынах арыыта – 70 г

Туус — 0,5 кыра ньуоска

Сымыыт – 4 устуука

Бурдук – 1 ыстакаан

Кытаанах сыыр (росссийскай, витязь…) – 200 г

 

Ууну, ынах арыытын бииргэ миискэҕэ оргутабыт. Тууһуубут. Оргуйбутун кэннэ бурдук кутан буккуйабыт. Хойуу эрээри сымнаҕас тиэстэ табыллыахтаах. Бурдуга кыра буоллаҕына эбэн биэрэҕит. Уоттан ылан сойута түһэбит. Ол кэннэ сымыыттары биирдиилээн эбэн биир кэлим буолуор диэри буккуйабыт. Онно теркаламмыт сыыры эбэбит. Аналлаах мөһөөччүккэ кутан эбэтэр кыра ньуосканан төкүнүктэри түһэртиибит. Дуохуопкаҕа 25-30 мүнүүтэ саһарчы буһарабыт.

Бу бөкүнүктэри араас туолбанан толоруохха сөп. Аҥаардаан баран иэдьэгэй сыыр, кыһыл балык, күөх луук эптэххэ олус минньигэс буолуо. Эбэтэр бэйэтинэн сииргэ эмиэ астык.