Рубрика: Сандалы

27/01/2024 г.

Processed with MOLDIV

Өйдүүгүт, 90-с сылларга «Дамские пальчики» диэн заварной тиэстэттэн оҥоһуллубут күөрчэхтээх минньигэс оҥорор буолбуттарын? Улахан бырааһынньыктарга хайаатар даҕаны баар буолааччы. Бүгүн бу аһы ахта-саныы астаныаххайыҥ👍

«Дамские пальчики»
🥖🥖🥖
Сымыыт 4 устуука
Уу 125 мг
Үүт 125 мг
Ынах арыыта 100 г
Туус 0,5 кыра ньуоска
Бурдук 150 г

Крем:
Үүт үрдэ (сливки) 20-25% 600 г
Саахар 150 г

Арыыны, үүтү, ууну, тууһу миискэҕэ кутан баран буккуйа туран оргутабыт. Уоту кыччатан баран бурдугу барыытын кутабыт уонна үчүгэйдик биир кэлимсэ буолуор диэри буккуйабыт. Ол кэннэ тиэстэни 1-2 мүнүүтэ буһара түһэбит. Тиэстэ миискэҕэ сыстыа суохтаах. Сойута түһэбит уонна сымыыттары биир-биир эбэбит, буккуйабыт. Бэлэм тиэстэни кондитер мөһөөччүгэр кутан баран 4-5 см уһуннаах сурааһыннары түһэртиибит. Духуопкаҕа 180 кыраадыска 25-30 мүнүүтэ устата саһарыар диэри буһарабыт. Астыы туран духуопканы арыйбаппыт, аспыт тахсымыан сөп. Сойбутун кэннэ саахары кытта ытыллыбыт күөрчэххэ күөлэһитэн ыла-ыла иһиккэ үрүт-үрдүгэр уурталыыбыт. Үрдүгэр сакалаат таммалатыахха сөп. Минньигэстик аһааҥ👍