Рубрика: Сандалы
Бананнаах брауни
- Билиитэ сакалаат -125 г
- Ынах арыыта 100 г
- Сымыыт – 2 устуука
- Саахар – 100 г
- Бурдук 90 г
- Какао – 20 г
- Көпсөтөр (разрыхлитель) — 1 кыра ньуоска
- Эриэхэ – 60 г
- Банаан – 2 устуука
Духуопканы 160 кыраадыска диэри сылыт. Сакалааты уонна арыыны бииргэ ууллар. Туспа иһиккэ сымыыты уонна саахары буккуйаҥҥын сакалааты кытта холбоо. Бурдугу, көпсөтөрү, какаоны кыра-кыралаан кутан тиэстэҕэ эбэн биэр. Тиэстэни лиискэ көһөр, банааннары икки аҥы аҥаардаан уурталаа, үрдүгэр бөдөҥ соҕус гына үлтүрүтүллүбүт эриэхэни табыгыната түс. 30-40 мүнүүтэ буһар.
Бообо
- Үүт – 1 ыстакаан
- Сымыыт – 4-5 устуука
- Саахар – 1 ыстакаан
- Сода – 1 кыра ньуоска
- Туус – 1 кыра ньуоска
- Ынах арыыта – 2 улахан ньуоска
- Бурдук – 1 к
Сымыыты саахары кытта көбүт, үүтү, тууһу, суоданы, ынах арыытын кутан бурдугу кытта мэһий. Тиэстэни 20-30 мүнүүтэ сынньат. Остуолга 0,5 см халыҥнаах гына тэлгэтэн хобуорас курдук быһыылаан элбэх арыыга уонна күүстээх уокка икки өттүттэн буһар. Буспут бооболарга мэлии саахары таммалат. Бообо – Бурятия национальнай бүлүүдэтэ. Сымнаҕас, көпсөркөй ас. Лэппиэскэ уонна бэчиэнньэ икки ардынан амтаннаах. Биири сиэтэххинэ иккиһи, үсүһү сиэн бара тураҕын.
“Дьүөгэм бэлэҕэ” чебурек
Тиэстэ:
- Бурдук – 500 г
- Туус – 1 кыра ньуоска
- Мас арыыта – 50 г
- Оргуйбутунан уу – 150 г
Туолба:
- Эриллибит эбэтэр бытархай гына кырбаммыт эт – 300 г
- Эриэппэ луук – 1 устуука
- Чочунаах – 2 өлүүскэ
- Уу (эбэтэр эт буспут миинэ)– 50-60 г
- Туус, биэрэс.
- Астыырга мас арыыта.
Дөлүһүөннээх чэй
Оргуйбутунан ууга тууһу, мас арыытын холбоо. Ол кэннэ бурдукка кыралаан кутан тиэстэни мэһий. Чаас аҥара сынньат. Эриллибит эти тууһаа, биэрэстээ, чочунаахтаа, лууктаа. Симэһиннээх буоларын курдук уута эбэн буккуй. Тиэстэни 10 өлүүскэҕэ арааран төкүнүктэрдэ оҥортоо. Чараас гына тэлгэт, туолбалаа. Элбэх арыыга орто уокка икки өттүттэн саһарчы буһар. Олус минньигэс хачыгырас тиэстэлээх чебурек бэлэм. Сылаастыы сиир өссө ордук. Дөлүһүөнтэн чэй Дөлүһүөнтэн чэйи тиэрмэскэ көөнньөрөр саамай судургу уонна битэмиинин сүтэрбэт ньыма. Киэһэ утуйуох иннинэ оҥорор ордук. Маҥнай хатарыллыбыт отоннору сууй. Ол кэннэ тиэрмэһи сылаас уунан сайҕаан ыл. Тиэрмэскэ 3/1 буоларын курдук эбэтэр онтон кыра гына дөлүһүөн отоннорун кут. Уу 80 кыраадыстан итии буолуо суохтаах, оргутан баран кыратык туруора түһэн баран кут. Итинтэн үрдүк буоллаҕына, хомойуох иһин, “С” битэмиин туһата сүтэр уратылаах. 8-10 чаас устата көөнньөрүллүбүт чэй сарсыарда бэлэм буолар. Иһэргэр саахар, мүөт, лимон эбэҥҥин амтанын байытыаххын сөп.